Page 74 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 74

Күн-Ый толоно көстүбэт гына,
                        Күөрчэхтии ытыйан таһааран баран,
                        Сирэйинэн умса эргитэн аҕалан,
                        Сэттэ чиэппэр тааһы
                        Сиҥнэри быраҕан түһэрдэ.
                        Дүлүҥ курдук төкүнүттэ,
                        Эриҥэх курдук эргиттэ;
                        Ырыалаах-тойуктаах,
                        Ырып-чырып батыйатын
                        Сототун тас өттүнэн
                        Сулбу ойутан ылан,
                        Тута өлөр сирин
                        Толкуйбутунан барда…

    Эрчимэн Бэргэн Чуура бухатыыр куртаҕыттан хара
таас сымыыты булан, алдьатан, Хаачылаан Куону тилин-
нэрэр. Ити кэнниттэн бар дьоно, норуота алгыс алҕаан,
дьолу баҕаран, Эрчимэн Бэргэни Хаачылаан Куону кытта
холбууллар, улуу улахан уруу тэрийэллэр. Олоҥхо Эр-
чимэн Бэргэн Күн улууһун көмүскүүргэ, Айыы аймаҕын
араҥаччылыырга бигэ мэктиэ тылын биэрэринэн түмүк-
тэнэр.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Ытык кырдьаҕастар Эрчимэн Бэргэн эргиллэригэр то-
       ҕо бүк эрэнэллэрий?

   2. Чуҥкунуур Чуура бухатыыр туох сыаллаах-соруктаах
       сүүрэ-көтө сылдьыбытый?

   3. Эрчимэн Бэргэн туохтан ордук өһүргэннэ?
   4. Эрчимэн Бэргэн Уот Урбалдьыны кытта охсуһуутугар

       тоҕо кыайыылаах тахсарый? Кыыда Тугуттай кэлбэ-
       тэҕэ буоллар, Эрчимэн Бэргэн хотуох этэ дуо?
   5. Эһиги олоҥхону ааҕан баран, ханнык бухатыыртан ор-
       дук кэлэйдигит? Ааптар ханнык түктэри майгылаах
       дьон сигилитин ойуулууруй, ол олоҥхо быһылааннара
       сайдыытыгар туох суолталаммытый?
   6. Толкуйдаан көрүҥ эрэ, абааһы бухатыырдарын ордук

  74
   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79