Page 75 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 75

ханнык майгылара бэлиэтик ойууланалларый? Норуот
       итинэн туох санааны этэрий?
   7. Олоҥхоҕо гипербола, тэҥнээһин туттуллуутун холобур-
       дарын булан, ырытан суруйуҥ.

          Тыыннаах тыл

        Эрчимэн Бэргэн үөскээбит сирин-дойдутун, дьонун туһу-
        нан уус-ураннык кэпсииргэ бэлэмнэниҥ.
        Олоҥхоттон сөбүлээбит кэрчиккитин өйтөн хоһоонноох-
        тук, олоҥхолуу толорууга бэлэмнэниҥ.

                                                   АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

        Олоҥхоттон сөбүлээбит түгэҥҥитигэр ойуута оҥоруҥ
   уонна ааттааҥ.

                           Олоҥхо туһунан

                                                         Àéûû êè´èòý à´ûíûãàñ,
                                                              êµí êè´èòý ê³ìµñêýñ.

    Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай
бөдөҥ көрүҥэ олоҥхо буолар. Бухатыырдар дьоруойдуу
охсуһууларын хоһоонунан хоһуйан көрдөрөр эпическэй
(сэһэргиир) айымньыны олоҥхо диэн ааттыыбыт. Олоҥ-
хо үөскээбит төрдө бэрт былыргы үйэлэргэ сытар, үгүс
үйэлэр анараа өттүлэриттэн кэлэр силистээх. Ол да иһин
олоҥхоһуттар «былыргы дьыл быдан мындаатыгар, урук-
ку кэм одун уорҕатыгар» эбэтэр «үс саха үөскүөн ин-
нинэ, түөрт саха төрүөн иннинэ» диэн киирии тылынан
саҕалыыллар. Маны таһынан, сорох олоҥхолор былыр-
гыларын хаһан эрэ биһиги төрүттэрбит олоро сылдьыбыт
сирдэрин ааттара туоһулууллар. Холобур, «Араал муо-
ра», «Тибет сирэ», «Кулундин хонуута», «тэбиэн сүөһү»,
«Чыҥыс Хаан» уо.д.а. тыллар көстөөччүлэр.

    Саха норуотугар сүүстэн тахса суруллубут олоҥхо

                                                                                                                     75
   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79   80