Page 130 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 130

Биирдэ өйдөнөн кэлбитим, оҥхой иһигэр сытар эбип-
пин, туох эрэ кыбыс-кытаанах хам баттаабыт. Мөхсөбүн.
Тэбиэлэнэбин. Атаҕым таһырдьа быкта быһыылаах.

    Ким эрэ атахпыттан тардыалыыр. Тахсан истим, ньуу-
ньаа саҥаны истэбин. Туруору тартылар.

    Көрбүтүм... немецтэр.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. «Кыайыылаах-хотуулаах сырыы» диэн тиэмэни айым-
        ньы тылын-өһүн туһанан уус-ураннык кэпсээҥ.

    2. Эһиги санааҕытыгар, разведчиктар сорудаҕы тоҕо ман-
        нык үчүгэйдик, сатабыллаахтык толордулар?

    3. «Көрбүтүм... немецтэр» диэн этиигэ үс туочука туруу-
        тун суолтатын быһаарсыҥ.

    4. Немец офицера хайдах киһиний?

                       «Синиэлим, быраһаай»

    Тыл этэн бүтэрбин кытта, фон Рюллих уонна да атын
немецтэр сыһыаннаһыылара тосту уларыйда. Минньигэс
баҕайытык «Тойон Чээрин» диэн миигин ааттааһын эҥин
суох буолла.

    Сэрэйбит сэрэх. Итинник буолуохтаах.
    Штаб дьиэҕэ кэлэн, фон Рюллих кими эрэ ыйытта, суох
диэтилэр быһыылаах, саллааттарга тугу эрэ бирикээстээн
баран, дьиҥнээх немец офицерын эргийиитинэн эргийдэ
да, ханна эрэ бара турда.
    Икки саллаат миигин, урут сыппыт хаайыыбын аһаран,
чугас турар ойуур диэки илтилэр.
    «Сибилигин өлөрөөрү ойуурга илтэхтэрэ дуу?» диэн
санаа төбөбөр кылам гынна.
    Ойуур иһигэр киирэн, биир землянка айаҕар тохтооту-
бут. Ыстааным курун сүөрэн ыллылар, бары сиэптэрбин
ньэҥдьийдилэр уонна, землянкаҕа киир диэн, илиилэри-
нэн бэлиэ биэрдилэр.
    Киирэрбин кытта, хатаан халыгыратан кэбистилэр. Били
«харах тэстэр хараҥата» диэбиккэ дылы, ханан да сырдык

  130
   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135