Page 94 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 94

Күнүс буолара —
                               Олус да кэрэ!

                               Этиҥ этэрэ,
                               Ардах түһэрэ,
                               Кэйэ, тэтэрэ
                               Дьэдьэн үүнэрэ —
                               Олус да кэрэ!

                               Нарын кулуһун
                               Солко суугуна,
                               Саха хомуһун
                               Тохтор тойуга —
                               Олус да кэрэ!

                               Сырдык сэбэрэ
                               Сүрэх сэгэрэ
                               Үҥкүү тэбэрэ,
                               Үрдүү тэйэрэ —
                               Олус да кэрэ!

                               Ахтар алааһым
                               Аҥнар сылааһа,
                               Ыраах далааһын,
                               Ыра ырааһа —
                               Олус да кэрэ!

                               Оҕо күлэрэ,
                               Оҕо билэрэ,
                               Ийэ үөрэрэ,
                               Ийэ иэйэрэ —
                               Олус да кэрэ!

                               Өрүү үтүөҕэ,
                               Өрүү үрдүккэ
                               Өрө күүрэр өй,
                               Өлбөт өрөгөй —
                               Олус да кэрэ!

                               Олох диэн, дьиҥэ,
                               Олус да кэрэ!

94
   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99