Page 99 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 99
ааҕара, элбэхтик айылҕалыын алтыһара, көтөр-сүүрэр
ырыатын, сибэкки сиэдэрэй сипсигин барытын этигэр-хаа-
ныгар иҥэрэн, чараас дууһатын иһинэн аһаран, үүнэн-сай-
дан тахсыбыта.
Д.Е. Васильева
Ааҕыы, ырытыы
Махтанабын хоту кыраай
Махтанабын, хоту дойду,
Эн тыйыскар, эн дьиппиэргэр,
Миигин хомус тылын курдук
Хатан гына ииппиккэр.
Атаахтаппатаҕыҥ эн миигин,
Мин да ньыхаалаабаппын,
Биирдэ эмэ ньирэҥсийбиппин,
Уйарҕаабыппын бырастыы гын.
Мин билэбин тоҥор тугун,
Ол иһин ытыктыыбын
Кутаа, тимир оһох суоһун,
Саҥыйах, сон сылааһын.
Бултаан, ааһан, илистэн
Киэһэ дьиэҕэ кэллэххэ мин
Хайдах курдук итии чэй
Минньигэһин билэбин.
Кумаартан, уот куйаастан
Абырыырын туһугар мин
Киэпкэбин сайын устан,
Сөрүүн тыалга сүгүрүйэбин.
Кыһыҥҥы түүн буурҕаҕа
Нуктуом халыҥ хаар анныгар,
Ол дьикти гостиницаҕа
Улар хонуо мин аттыбар.
99