Page 122 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 122

Ол дойду дьоллоох долгунугар олороммун,
                              Тулуйумуна туоххаһыйбытым.
                              Тоҕо оннугуй диэтэргит,
                              Тоһоҕолоон үөскээбит тоҕой сэлэ дойдум
                              Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ…
                              Чөмчөкөм иһиттэн төлөрүйбэт этэ.
             Мин харахпар ийэ дойдум
             Ирбэнньик буолан элэҥниирэ:
             Кини хаарыан бэйэлээх ходуһатын уута
             Халыҥ мууска хаайтарбыта,
             Хара тыата
             Хаар бэргэһэнэн сабыллыбыта,
             Самнан түһээри турар саха балаҕана,
             Хоргуйан өлөөрү гыммыт куһаҕан дьоно!
             Аан Ийэ дойдум
             Халлаан умнубут хаарыан бухатыырын курдук,
             Былыр-былыргыттан быйылгыга дылы
             Муустаах муора муннугар,
             Модун тимир быанан бохсуллан,
             Бокуйа, утуктуу тураҕын!
             Ол да эрээри мин күүтэбин:
             Бу көҥүлэ суох уугуттан көччүйэн уһуктаргын,
             Күн аннын диэки
             Күүһүнэн күүһүлээн олорор дьону
             Күүстээх бэйэҕинэн
             Көтүрүтэ анньаргын.
             Оччоҕо буоллаҕына,
             Халыҥ хаар анныттан
             Хайы үйэтээҕи дьон,
             Ойон туран, охсуһууга барыахтара.
             Аан дойду үрдүгэр,
             Хаһааҥҥы эмэ үйэттэн
             Хаайан турар хараҥа халбарыйыаҕа.
                              Үөрэҕэ суох, дьүһүнүнэн мөкү,
                              Үтүө быһыыга тиксибэтэх,
                              Этэ ыалдьарын ынчыгынан ырыҥалыыр
                              Ыччат дьонноох Ийэ дойдуом!
                              Тиллиэҥ! Көҥүллэниэҥ! Күүһүрүөҥ!

122
   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127