Page 123 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 123

Билигин, баҕардар, күүстээх, ыарахан хараҥа саптын.
            Мин билгэлиибин:
            Былыт быыһыттан күн тыгарын курдук,
            Көҥүл олох көстүө!
            Мин ыллыыбын
            Эһиги кистэлэҥ күүскүтүн,
            Үрүҥ күн үтүө күннэрин…
            Күөрэйиэхтэрэ умнуллан хаалбыт киһи уҥуохтара,
            Сааскы этиҥи кытта олох устуо.
            Оччоҕо биһигини хаайбыт хараҥа
            Саас тухары тарҕаныа.

                              Бэйи эрэ!
                              Истиҥ!
                              Халыҥ хаар аннынан хайыы үйэҕэ
                              Хара уу халлыгыраан эрэр.
            Ити сибикитин билэн,
            Ийэ дойдубун
            Илэ-бааччы
            Кэриэс тымныытынан
            Кэрдэн эрэр.
                              Ким урут турбут — улаханнык
                              Дьоллоох олох туһун туойуҥ,
                              Үйэ тухары үктээн турбут
                              Үлүгэри үргүтүҥ!

                                                                                  1912 с.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

 1. Хоһоону өссө биирдэ искэ ааҕыҥ.
 2. Сөптөөх кэрчиктэргэ арааран, тиэмэлэрин, кэрчиктэр күлүүс

       тылларын быһаарыҥ.
 3. Тоһоҕолоон үөскээбит тоҕой сэлэ дойдум

      Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ…
      Чөмчөкөм иһиттэн төлөрүйбэт этэ, — диэн этии ис номоҕо
      тугуй?
 4. Айымньыга дьыл кэмнэрин ойуулааһын хоһоон сүрүн этэр
       санаатыгар суолталаах дуо?

                                                                                                    123
   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128