Page 125 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 125

УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР

              УУС-УРАН АЙЫМНЬЫГА ЭТИИНИ ОҤОРУУ
                                    АРААС КӨРҮҤЭ

     1. Уус-уран айымньыга этиини оҥоруу араас көрүҥэ: инвер-
сия, перифраз, хатылааһын, риторическай туһаайыы, ритори-
ческай ыйытыы баар буолар. Бэриллибит холобурдары ырытан,
санаата үллэстиҥ. Хас биирдии сорудаҕынан түмүктэ суруйуҥ.

      Инверсия. Бу холобурга сахалыы этии бэрэдээгэр туох
кэһиллибитий?

                              Тулаайах уол ытыыра
                              Балаҕан иһигэр…
                              Хара баттах хамсыыра
                              Маҕан хаар үрдүгэр…

                                                                  (Эллэй «Үс ыстыык үөһүгэр»)

      Перифраз. Быһа тардыыга бэйиэт «тымныылаах кыраай-
бын» диэн тугу этэрий? Тоҕо маннык тутунна дии саныыгыт?

                              Ахтабын, Ахтабын… Ахтабын
                              Төрөөбүт тымныылаах

                                                      кыраайбын.

                                                                 (Семён Данилов «Аптаах тыл»)

      Хатылааһын. Быһа тардыыга туох ураты баарын болҕойуҥ.

                                 Оҕолор, оҕолор,
                                 Оҕолор быыкаа күннэр,
                                 Оҕолор, оҕолор,
                                 Оҕолор быыкаа сирдэр.
                                 Күн өлбөтүн туһугар
                                 Оҕолору харыстааҥ,
                                 Сир өлбөтүн туһугар
                                 Оҕолору харыстааҥ!

                                                     (Иван Гоголев «Оҕолору харыстааҥ!»)

                                                                                                       125
   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130