Page 148 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 148

туһунан кэпсэттилэр. Онтон утуйан эрэр Микиитэни төбөтүттэн
имэрийэн баран, Дьөгүөрдээн эттэ:

     — Онон сарсын оскуолаҕа барабыт дии, доҕоор?
     — Барбаппын…
     — Ээ, кэбис, доҕор, үөрэҕэ суох сааһыҥ тухары биһиги кур-
дук, ыал хамначчыта буолуоҥ дуо?
     — Барбаппын…
     — Кырата бэрт, эһиил да биэриэх баара. Оҕолор кырбыах-
тара, — диэтэ Сөдүөччүйэ атахтарыгар сытан.
     — Лахсыйыма! Эрдэ үөрэннэҕинэ биһигини эрдэттэн иитиэҕэ.
     — Кырата бэрт ээ…
     Ийэтэ «кырата бэрт» диэбититтэн Микиитэ улаханнык өһүр-
гэннэ. Онон барыах буолла.
     Сарсыарда Микиитэ эрдэ туран, утуйа сытар Өлөксөйү сүү-
һүттэн сыллаата:
     — Чэ, сыччыай, мин бардым… эн үчүгэйдик сырыт, миигин
алыс ахтыма.
     Микиитэҕэ ситэ уйаргыах бокуой биэрбэккэ, бэйэтин таҥа-
һын таһынан эһэтин арбаҕаһын, Эрдэлиир сүүнэ улахан тыс
этэрбэһин таҥыннара оҕустулар. Аҕата көтөҕөн таһааран оттоох
сыарҕаҕа олордон, нэк суорҕанынан суулаан баран, чороччу
кэлгийэн кэбистэ. Утуйа сытар Өлөксөйтөн ураты бары атаарса
таҕыстылар. Бэһиэлэйэптэртэн эбэтэ сүүрэн кэллэ.
     — Чэ, этэҥҥэ сырыт! Учууталыҥ тылын иһит. Доҕотторгун
кытта эйэлээх буол! — кыра уһааччык курдук хам кэлгиллэн оло-
рор уолу тула хаама сылдьан, дьоно өҥөҥнүүллэр.
     Аҕата аара хаста да оҕуһуттан түһэн, суорҕанынан хайан,
кэлгиэтин көннөрөн биэрдэ. Сэттэ биэрэстэлээх Талба оскуо-
латыгар өр айаннаан тиийдилэр.
     Килбэлдьигэс бирээскэлээх кэтит бириһиэн курдаах, кугас-
тыҥы будьурхай баттаҕын төбөтүн оройунан хайа тарааммыт,
эдэр киһи биир хостон тахсан кэллэ.
     — Уйбаан, киһибин бу аҕаллым ээ.
     — Бу дуо? — эдэр киһи төҥкөйөн Микиитэ сирэйин одуу-
ласта. — Хайа, доҕоччуок, кыракката бэрт буолбат дуо?
     — Аҕыһыгар барда эбээт…
     — Чэ, киллэрэн олордон көрүөххэ, туох тахсар. Олус хойута-

 148
   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153