Page 151 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 151
Микиитэ кэпсээнэ ситэ илигинэ учуутал ханнык эрэ тылы
ордоотоото. Оҕолор үөрэнэр хоско киирэн тигинэстилэр.
— Чэ, эн эмиэ киир, — диэтэ аҕата Микиитэҕэ. — Кэнники
кэпсээр.
— Эн барыма, миигин көһүт.
— Сөп.
Хоско киирээт, бии тоҥолохтоһор уолуттан туспа олорор
толкуйданна. Атын сиргэ олорон эрдэҕинэ, биир уол бүөлүү
халбарыс гынна: «Эйиэнэ буолбатах!» — диэтэ, кэнниттэн биир
уол кэлэн: «Миэнэ, миэнэ!» — диэт, Микиитэни халбарыччы ан-
ньан кэбистэ уонна бэйэтэ олордо. Микиитэ эргичиҥнии турда.
Нэк сонноох уол, кини кураанахтыйбыт оннун таптайа-таптайа:
«Кэл, манна кэл», — дии олордо. Учуутал тиийэн кэллэ: «Оннуҥ
бу баар», — диэн баран илиититтэн харбаан, нэк сонноох уол
аттыгар олордоот, ааһа турда. Бу сырыыга күөнтэһээри, Ми-
киитэ дьукааҕар тоҥолоҕун бэлэмнээн эрдэҕинэ, анарааҥҥыта
эйэлээх куолаһынан ыйытта:
— Эн ким уолунаҕын?
— Лэглээр уолун уолунабын…
Анарааҥҥыта хардары ыйытыыны көһүтэ барбакка, улгум-
нук кэпсэтэр киһи түбэстэ:
— Оттон мин Чоху уолун уолунабын… Бүөтүр Сүөдэрэппин.
Эн миигин кытта атастыы буолуоҥ этэ дуо?
— Буолуом этэ.
Ол курдук Бүөтүр Сүөдэрэп диэн маҥнайгы доҕор көһүннэ.
Бу уруокка, Микиитэҕэ тэтэрээти биэрэ туран, учуутал эттэ:
— Эн араспаанньаҥ Лэглээрин диэн буоллун, Микиитэ Лэг-
лээрин, араспаанньата суох олус хобдоҕо бэрт.
Микиитэ харандааһы аан маҥнай илиитигэр тутта. Тэтэрээт
сурааһынын батыһыннара көнөтүк тардар сорудахтаах да, илии-
тэ салҕалас, харандааһа сурааһын икки өттүнэн халыйталаан
тахсар. Өттүктээн тардар оҕуһу сиэтэр курдук муҥнаах үлэ эбит.
Бу тахсыытыгар Микиитэ өссө үгүс сонуннаах буолла, тиэ-
тэйэн омуннуран, бөтүөхтүү-бөтүөхтүү, ортолуу кэпсээн эрдэ-
ҕинэ, учуутал тахсан эмиэ саҥарда, эмиэ үөрэнэр хос диэки
тигинэһии буолла.
— Эн олор, барыма! — диэн, аҕатыгар хаһыытаабытынан
Микиитэ кылааска киирдэ.
151