Page 152 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 152
Бэрт элбэх сонуннаах буолан, тиэтэйэн, үсүһүн тахсарыгар
аҕата суох буолан хаалбыт. Күннээҕи үөрэх бүтэн, дьиэлэрит-
тэн сылдьар оҕолор таҥнан булумахтаһан, баран хааллылар.
Микиитэ аҕатын кэтэһэн турбахтаата. Онтон таһырдьа таҕыста.
Мааҕын оҕустарын баайбыт сирдэригэр от тобоҕо ыһыллан
хаалбыт. Төттөрү сүүрэн киирэн, эргэ куобах бэргэһэтэ сиргэ
сытарын харбаата да, таһырдьа ыстанан таҕыста уонна кэлбит
суолун устун сүүрэн маҕыйбытынан барда.
Сотору кэннигэр дьон хаһыытастылар. Эргиллэн көрбүтэ:
уонча оҕо, биир улахан киһи, биир эмээхсин эккирэтэн иһэллэр
эбит. Сарылаабытынан уол түһэн кэбистэ. Саба баттаан ыллы-
лар, түүрэ тутан дьиэҕэ киллэрэн, төгүрүйэн кэбистилэр.
— Тоҥон хаалыыһы!.. Сүүрэр ээ, бу таҥаһынан! Абааһы
киһи!..
Микиитэ чохчойо-чохчойо сарылыыр.
Учуутал тахсыбытыгар силэллэн биэрдилэр.
— Бу уол күрээтэ… Туттубут… Тоҥон өлө сыста… Ытыыр…
Учуутал биир кыра уолу аҕалан Микиитэ аттыгар туруоран
кэбистэ уонна эттэ:
— Бу уол эйигиннээҕэр кыра да ытаабат. Пахыый, бачча
улахан эрээри! «Мээх!»…
Толлоҕор уостаах, чачархай баттахтаах, сып-сырдык саһарха-
йынан турулуччу көрбүт уол харытынан муннун туора соттуммах-
тыыр, ыстаанын өрүтэ тардыммахтыыр. Киһиргиир быһыылаах,
ытаабат киһи буолан. Уолтан кыһыйан, Микиитэ тохтоон хаалла.
— Манна бэлэмҥэ олорон үөрэнэриҥ куһаҕан буолуо дуо,
Микиитэ Лэглээрин?! — обургу уолаттарга тугу эрэ сибигинэ-
йэн баран, учуугал хоһугар киирэн хаалла. Тарҕастылар. Онтон
бии кыра уол эттэ:
— Доҕоор, мин мааска тириитэ бэргэһэлээхпин ээ. Көрүөҥ
дуо? Мин ийэм Сөөнө эмээхсин, дьэ сүрдээх эмээхсин, мааска-
быт тириитинэн миэхэ бэргэһэ тигэн бытарытта… Мин Арамаан
Соппуруонап диэн киһибин…
Бэргэһэни көрдүлэр, хайҕаатылар. Киэһэтигэр Микиитэ би-
лэр уола Буута Болтоойоп кэллэ. Бэҕэһээ баскыһыанньа буолан
кини дьиэтигэр баран, бүгүн үөрэҕин куоттаран кэлбит.
— Эйигин мин көрөр буоллум, — диэтэ Буута.
— Хайдах?
152