Page 79 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 79

ийэм айыытын этэн таҥара аһыгар киирэн баран бары ыгы-
рыыга мунньустубут дьону гытта бырастыласпыта, оол гэннэ
мийигин кууспута. Мин санным кини өлөр тыынын тымныытын
бэлиэтээбитэ, көрүөх бэтэрэҕи өттүгэр бары көрөн турар дьон
биир саҥанан эппиттэрэ: «өллө». Ийэм суох буола түстэ.

     Үтүө ийэм! Эн бу күн анныгар кыһалҕата суох күнү көр-
бөтөҕүҥ, дьоллох олоҕунан олорботоҕуҥ; эн дьолуҥ баара со-
ҕотох үтүө суол. Бу суолуҥ иһин эн дьоллоох буолуоҥ оол үрдүк
дойду сырдык сиригэр, ханна айыы таҥара айыыта суох талбыт
киһитин уһуга суох үөрэргэ олордор. Мин эн тыыннааххар эн
көҥүлгүн кэспэтэҕим, ахтыбаппын үтүө да сүрэххин хоргутун-
нарбыппын. Эн мэлдьи мин түлбэр киирэҕин, бу да түллэрбэр
эн мин санарҕыыр санаабын аралдьытаҕын, мийигин кытаатын-
нараҕын. Бу соҕотох үтүө, ханныгынан тыыннаах бэйэм дьолло-
нон олоробун. Умнуллубат ийэм! Үҥ мин иһин, күүһүн тийэрэ
буоллар, үрдүк айыы таҥара сырдык олоҕун атаҕар!

     Ийэбин гытта мин барытын көмпүтүм, туох мийигин бу сир
үрдүгэр үөрдэрэ. Биир да кытта төрүөбүтэ суох эр соҕотоҕу-
нан хаалан соол күнтэн бу күҥҥэ диэри мийигин аһынар киһи
суох хараҥа күммэр, үөрэр киһи суох сырдык күммэр: мин бары
киһиэхэ тастыҥмын, бары сиргэ кэлбит ыалдьытынан көстөбүн.

     Бу гэннэ мийигин Дьокускайга туох даҕаны үөрдэр хаалбатаҕа:
бары дойду бары сэптэр урут миэхэ үчүгэйдэринэн көстөччүлэр
хойут соҕотох өлөр чүҥкүктэринэн миэхэ эргийбиттэрэ. Бу гэн-
нэ Дьокускай Сахата мөлтөх тойоттор илиилэринэн тутуллан сыл
сылтан урукку киэптэриттэн көҕөрөнөн испиттэрэ. Бу барыта
тимэхтэнэн мин оол дойдуга олорор санаабын уларыппыта.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Киллэми ойуулааһын уус-уран кыаҕа, киһини долгутар
         күүһэ туохханый?

    2. Ийэ, саха дьахтара, оҕотун санаатын туохха, ханнык сиэр-
         гэ-майгыга салайарга дьулуспутуй?

    3. «Мийигин киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук таптыыллара»
         диэнинэн ааптар туох санааны этэрий?

                                                                                                        79
   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84