Page 150 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 150

Оһох оҕото оҥостон
                        Уот отторбутун,
                        Иккиэн бииргэ бултуурбутун?
                        Отуу оҥостон сөрүүкүүрбүт,
                        Үрэхпитигэр сөтүөлүүрбүт.
                        Ол кэмнэргэ
                        Эн биһикки билиҥҥи курдук
                        Көрүстэххэ сири көрөн
                        Күүтүһэн турбат этибит…

                                     Ньургуһун
                        Эн бэйэҥ биирдэ даҕаны
                        Миигин булка ыҥырбаккын,
                        Уонна…
                        Бу тугуҥ сүгэтэй?

                                       Лоокуут
                        Саҥа дьиэ туттуохпун баҕарабын,
                        Ол дьиэм хаппахчылаах буолуон баҕарабын.
                        Эн хайдах саныыгын,
                        Дьиэ хаппахчылааҕа үчүгэй буолбат дуо?

                                     Ньургуһун
                        Мин ону тугун билиэмий?

          М а р д ь а а һ а й саһан кэлэн, мас күлүгэр сөрүөстэр.

                                       Лоокуут
                        Күн сиригэр
                        Күүстээхтэн күүстээх
                        Таптал баар эбит,
                        Күн сиригэр
                        Күндүттэн күндү
                        Киһи таптыыр киһитэ буолар эбит.
                        Ол гынан баран,
                        Киһи бэйэтин тапталын
                        Киниэхэ сатаан эппэт,
                        Уоттааҕар ордук суостаах эбит,
                        Уутааҕар ордук күүстээх эбит…

150
   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155