Page 155 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 155

Мөлчөс
                              Эйиэхэ анаан…
                              Хобоҕун биэрбэккин ээ,
                              Манна ыйаан кэбиһиллиэ этэ.
                              Мааҕыын биир ыт хоботун
                              Тутан ылан ыйаабыппыт,
                              Эн биэрдэргин
                              Икки хобо буолуох этэ.

                                    Мардьааһай
                              Оҕолоор, оонньоомоҥ,
                              Кырдьык даҕаны,
                              Кимиэхэ анаан киэргэтэҕит?

                                        1-гы уол
                              Эн биһиккигэ
                              Анамматаҕа чахчы.

                                    Мардьааһай
                              Бу иэдээни
                              Тиэтэйиэххэ наада.

                                          Мөлчөс
                              Бу уол сымыйанан этэр,
                              Эйиэхэ аналлаах.
                              Эн, доҕоор, киһини тоҕо анньаҕын…

     Мардьааһай бараары гынан эрдэҕинэ, Мөлчөс мүлчү туттубута буо-
лан үрдүгэр сууллан түһэр. Мардьааһай охтор, Мөлчөс уҥмута буолар.
Үөһэ олорор оҕолор түһэллэр, «һуу-һаа» буолаллар. М а р д ь а а һ а й

                         айалыы-айалыы, доҕолоҥноон барар.

                                         Нуннуур
                              Мөлчөс өлбүт дии!..

                                                (Ытыыр.)

                                          Мөлчөс

     (хорос гына олоро түһэр. Кыргыттар сирэйдэрин ааҕа көрөр).

                                                                                                       155
   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160