Page 22 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 22

тын тохтотон аат харатын эрэ тэпсэҥниир, киһитигэр утары ха-
йыһан барар, сирэйэ-хараҕа ордук чолбоодуйар. Доҕоро буол-
лаҕына туох буоларын кыайан таайбатах быһыынан көрүтэлиир,
ол да буоллар туттунан — тоҕо эн бу курдук буоллуҥ? — диэн
ыйыппат.

     — Доҕор! Эн хайа күбүөрүнэттэн, уокуруктан, хайа дэриэ-
бинэттэн киһигиний уонна хайа омуккунуй? — диэн Абдуркулла
киһитин, түөкүнү туппут курдук, доппуруостаан барда.

     Онуоха аргыһа, солуута суоҕуттан кэлэйбит киһилии быһыы-
ланан баран, этэрээккэ син улахан эбээһинэһи толорон сыл-
дьарын билбит быһыынан, ытыктаан, туора тылы көрдөрбөтө.
Онон аат харата:

     — Мин Туркестанскай кыраай, Туз-Булак аулугар төрөөбүт
казах омукпун, — диэн баран, барар сирин диэки аргыый хар-
дыылаан истэ. Абдуркулла хараҕар, түүҥҥү ый быыһа хараҥа-
ҕа испиискэ уотун умаппыт курдук, туох эрэ күлүм гына түһэр-
гэ дылы гынна, хараҕын уута сабыта түстэ уонна оннооҕор
буолуохха хамсаабатах уҥуохтара халыр-босхо бардылар, сү-
рэҕэ эмиэ айаҕар тахсан бөтөр буолан хаалла.

     Уон сылы мэлдьи мунсан хаалан, хайа-хайалара сурахта-
рын да истиспэккэ сылдьан бараннар, улаатан, үчүгэй дьон
буолан көрсүспүттэригэр эҕэрдэ-айхал этиһэллэрин оннугар,
уһун дьыллаах эрэйдэрэ бүөлүү биэрэн бобуллан хаалан ту-
ран кэпсэппиттэрэ, ол ойоҕос киһи көрүүтүгэр күлүүлээх-элэк-
тээх суол курдук буолбута. Ол да буоллар, мунсан хааланнар
муҥу-сору көрбүттэрэ уонна хаһан да, түһээн да көрсүбэт буо-
ла сылдьаннар манна соһуччу көрсүбүттэрэ хайдах да кытаанах
буолтун иһин, эт-хаан тулуйбат суола этэ.

                                                                                                     1936 с.

  22
   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27