Page 96 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 96

Эһиилги сааһыгар, харалдьык тахсыыта, эмээхсин төһө эмэ
элбэх чубуку этин, оһоҕоһун, сыатын хатаран хаһаанан олордо-
ҕуна, оҕолоро, сиэннэрэ, сүүрбэччэ-отучча табаны сэтиилэнэн,
бу үөрэн-көтөн тиийэн кэлэллэр. Кинилэр тордохторо урукку-
тунуу уоттаах-күөстээх бур-бур буруолуу олорорун, өссө кутаа
үрдүгэр хаппыт эт ыйанан турарын көрөөт, олус үөрэллэр.

     — Көрбүппүтүн харахпыт итэҕэйбэт. Эбэбит барахсан, бу,
кырдьык, эн илэ-чахчы бэйэҕинэн олорохтуугун дуо? — дэһэл-
лэр уолаттар.

     — Илэ, илэ бэйэбинэн, — диэхтиир эбэлэрэ. — Оттон эһи-
ги эмиэ илэ бэйэҕитинэн кэллигит дуо?

     — Илэ, илэ бэйэбитинэн... Эн хайдах тыыннаах ортуҥ?
     — Миигин чубуку, чубуку этэ быыһаата... Чубуку этэ былыр
биһиги өбүгэлэрбитин эмиэ быыһаабыттааҕа диэн мин эбэм
кэпсиирэ. Хойут эһиги эмиэ ону кэпсиир буолаарыҥ. Оттон бу
хантан бачча табаланныгыт?
     — Туора биис уустарын киэнэ.
     — Бай, ол кинилэри сэриилээн кыайан кэллигит дуо?
     — Эчи, суох. Ол туора биистэр үтүө дьоннор эбит. Олор
бу үп-ас тэрийэннэр, табаланан-тайданан кэллибит. Онон ки-
нилэр биһиэхэ күн-ый буоллулар. Биһиги кинилэргэ үтүөлэрин
үтүөнэн төлүөх буоллубут.
     — Дьэ бэрт эбит! Кырыктаах киһи кылгас үйэлээх, үтүө са-
наалаах киһи үчүгэй, үгүс кэнчээрилээх. Ону өйдөөн кэбиһиҥ.
     — Итинтэн ыла ол эмээхсин олорбут сирин Хуркаткит диэн
ааттаабыттар, — оҕонньор, кэпсээнин бүтэрэн, үөһэ тыынна. —
Онно билигин да чубуку элбэх. Ол гынан баран ол биһиги
өбүгэлэрбитин өлүүттэн өрүһүйбүт кэрэ бэйэлээх барахсаны
аһыҥастаах кыыллыы кыдыйаллар. Сокуоҥҥа ыйыллар бол-
дьох эҥин диэни аахсыбаттар. Оннооҕор эн, дойдулаах ыччат,
чубукуну сибилиҥҥэттэн сиэри ону-маны тыллаһаҕын дии...
     — Суох, Нэгиэчээн кырдьаҕаас, мин таах эппитим.
     — Хата, инньэ диэ. Ол сөп. Көр, сэгэттээй, мин атын араас
кыылы бултуубун-бултуубун да, чубукулууру соччо кэрэхсээ-
бэппин. Хата, улахан начаалынньык эбитим буоллар, олох
бобуом этэ. Чубуку диэн, сэгэттээй, биһиги таас хайабыт,
хара тайҕабыт саамай кэрэ дьүһүннээх кыыла эбээт. Ону
адьас аҕыйатан эрэбит.

  96
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101