Page 33 - Саха тыла 9 кылаас
P. 33

66. Этиини араас суолталаан, тэҥэ суох оруоллаах холбуу этии
                    буолар курдук салҕаан суруйуҥ, арааһын ыйыҥ. Сурук бэ-
                    лиэтин туруоруҥ.

     1. Илгэлээх ардах түспүтэ. 2. Уйгулаах ыһыах күнэ үүннэ. 3. Кыра
оҕобут илии-атах буолар.

  67. Тэҥэ суох оруоллаах тэҥҥэ холбуу этии суолтатын быһаарыҥ.

     1. Саас сарсыарда эрдэ дьэргэлгэн түһэр, оччоҕо тыала суох ыраас
күн буолар. 2. Ыраах сиртэн оройуон киинигэр суһал биллэрии кэллэ:
табалар ыалдьыбыттар. (ИД) 3. Холкуостаах — булуугунан, бытархай —
суханан. (Өс хоһооно) 4. Күндэли эбэ үрдүнэн тыал намыһах былыттары
үүрэн аҕалла, онтон бэйэтэ Күндэли үрэҕэр киирэн сүтэн хаалла. (ЛП)
5. Оҕонньор эргиллэн кэлэ илик эбит: миинэн туораабыт тыыта били-
гин даҕаны уҥуор кылбайан көстөр. (НГ) 6. Арай ол икки ардыгар күнүм
тахсан кэллэ, кэҕэ эттэ, чыычаах ыллаата. (НН) 7. Көрбүтүм — улахан ыт
курдук бороҥ дьүһүннээх бөрө кэлэн, сымыыппын сиэри сытырҕалаан
эрэр. (ТС)

  68. Тэҥэ суох оруоллаах тэҥҥэ холбуу этии туhаанын, кэпсиирэтин бэ-
           лиэтээҥ. Суолтатын быһаарыҥ, сурук бэлиэтин туруоруҥ.

     1. Миитэрэй биэрбэт уол ытаан барар. 2. Онтон оҕус улам-улам
дугунар буолан барда Лэглээриннэр харахтара сырдаан истэ. 3. Уол
барымаары чыраахтаста да анараа киһи тохтоппокко дьулурутар киһи
буолла. 4. Микиитэ эһэтин туора дьон Молоох диэн ыҥыраллар куһаҕан
аат эбитэ буоллар кыыһырыа этэ. 5. Эргиллэн көрбүтэ уонча оҕо икки
улахан киһи биир эмээхсин кинини эккирэтэн иһэллэр эбит. 6. Атын
саалар «дар» гына сатаҕайдык сатарыыллар кинилэр киэннэрэ ыара-
ханнык «лүҥ» гынаат дорҕооно алларанан бытааннык тарҕанан барар.

                                                                                                 (Амма Аччыгыйа)

           69. Тэҥҥэ холбуу этии арааһын быһаарыҥ, тутаах чилиэн бэрил-
                    лиитин ыйыҥ.

     1. Булчуттар үөрүүлэрэ сүрдээх, хардары-таары махтансаллар. (ВП)
2. Уол оҕо — бөрө, кыыс оҕо — саһыл. (Өс хоһооно) 3. Ону биһиги кыһам-
маппыт, онтубут оонньообуппут оҕус буолаарай? (НГ) 4. Элбэхтэн элбэх
охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо. (Өс хоһооно) 5. Ситэ икки сүүс миэтэрэ-
ни дабайбатылар: хайалара улам туруору буолан истэ. (ВП) 7. Куһаҕа-

                                                                                                                         33
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38