Page 12 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 12
испититтэн ыла, улам-улам үчүгэй буолан, устунан атах-
танан хаалбыт.
Бу оҕо уонун туоларыгар уҥуоҕунан оччотооҕу ула-
хан дьоннооҕор улахан буолбут. Үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы
көтүппэтэх, аннынан күүдээх кутуйаҕы аһарбатах.
Оччотооҕу кэмҥэ ол-бу улуус ааттаах бөҕөлөрө, ханна
улахан бөҕө киһи үөскээбитин истэн, сураан кэлэннэр,
кыайан-хотон, өлөрөн-сүтэрэн бардахтарына, оччоҕо эрэ
ааттара аатырар, сурахтара сураҕырар буолара үһү. Ол
быһыытынан, Майаҕаттаны атын улуус ааттаах бөҕөлөрө
өлөрөн үтүө ааты ылаары, бэркэ сураан-чуҥнаан көрө-
көрө, дьулайан, тумнан, саһан сылдьаллара үһү.
Майаҕатта бэйэтэ атын улуустар дьоһуннаах бөҕөлө-
рүгэр аат ааттаан бардаҕына, иһэр сибиэнин билээт,
атахтара тиийиэҕинэн куотан эрэ биэрэллэрэ үһү.
Онон дьэ уу харахтаах утары көрбөт, уон тарбахтаах
олус ууммат буолан, кини аҥаардастыы аатыран, соҕо-
тохтуу сураҕыран олорбут. Саамай таптыыр, туохтан да
ордук дьарыгырар идэтэ булт эбитэ үһү. Бэйэтэ оло-
рор сирэ Хаҥа диэн. Онтон Мүрү диэн сир түөрт көс,
онно баран кустаан кэлэр эбит, хоппо курдук улахан
тымтайдаах, онно балыгы толору хаалаан баран сүгэн
кэлэр эбит. Кини дьиэтиттэн Төҥүлү диэн күөл биэс көс,
онно баран, туунан, ардьааҕынан балыктаан, эмиэ били
тымтайынан сүгэн кэлэр үһү. Хара тыа булдун өрүс арҕаа
эҥээрин тыатыттан тахсан бултуур эбит. Сайын, өрүһү
туорууругар, дүлүҥнэри кэккэлэтэн болуот оҥостон ба-
ран, онон өрүһү быһа эрдэн туоруур. Ол бултуур күөл-
лэриттэн бастыҥнарын Тойон Мүрү, Хотун Төҥүлү диэн,
оттон бэйэтэ олорор сирин Кыыс Хаҥа диэн ааттаабыт.
Майаҕатта дьэ ол курдук сураҕыран олорорун саамай
күнүн саҕана, Лена өрүскэ аатыран олорбута дииллэр
Дыгын диэн Хаҥалас төрдө киһи. Кини — баайынан даҕа-
ны, ыччатынан даҕаны, бэйэтэ уҥуоҕа да улаханынан,
күүһүнэн-уоҕунан даҕаны оччотооҕу саха аймаҕар бары-
ларыгар даҕаны тойоннорун, баһылыктарын курдук буо-
лан олорбут киһи. Бу Дыгын киэнэ улахан уола Хаҥыл
Хара аттаах Хардаҕастай Бэргэн диэн киһи баар үһү. Бу
12