Page 114 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 114
Түүн утуйа сыттахтарына, балааккаларын атаҕын суулла-
ран баран, балаакка бүтэй тутуталаабыт, хайалара да балаак-
ка иһиттэн оронон тахсыбатах. Оҕонньор тимир оһоҕун уонна
карабинын ол дьон илдьэ сылдьыбыттарын билбиппит.
Ким да эппэтэҕин да иһин, испэр, эһэм эһэтэ үөлээн-
нээҕин иэстэһэн, ойуур сокуонун быһыытынан албакаата,
судьуйата, сэтээтэлэ суох бэйэтэ хайдах санаабытынан
дьүүллээтэҕэ дии санаабытым.
Ытыгылатаары, баҕар, кэлэн биэриэ диэн оҥостон, оҕон-
ньор үүтээнигэр хас да хоммутум да биллибэтэҕэ. Эрэйдээх
ханна эрэ үөн-көйүүр, суор-тураах аһылыга буолаахтаатаҕа.
Билигин, уонунан сыллар ааспыттарын кэннэ, эһэм оҕон-
ньор амаҕаччылыыр тылларын хатылыыбын: төрөөбүт айыл-
ҕаҕын харыстаа, тыаҕа-ойуурга сырыттаххына, киһилии сэ-
бэрэҕин сүтэримэ! Тайҕа ороспуойдарын курдук буолума!
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Хоһоон, кэпсээн киэбинэн айылҕа абылаҥнаах көстүүлэ-
рин, төрөөбүт сиргит, киһи уонна айылҕа ураты сыһыаннарын
туһунан айарга холонон көрүҥ. Эбэтэр урут дьоҥҥутуттан
истибит, сэргээбит кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр туһунан дьикти
кэпсээннэрин айымньы киэбинэн айан суруйуоххутун эмиэ
сөп.
114