Page 109 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 109
Куһаҕан аҕайдык сарылыы түһэн баран, туубун илгээт,
үүтээним диэки хараҕым тэстэринэн ыстанан кэбистим.
— Эһээ! Эһэ! Эһэ!.. — хаһыытыы-хаһыытыы үүтээн айа-
ҕар биирдэ баар буола түһэбин.
Ойуурга таҕыстахха, хаһыытыыр-ыһыытыыр табыллыбат.
— Аргыый хаһыытаа! — эһэм кыраабыл тииһин уһуктуу
олорон буойар.
— Эһээ! Эһэ! Эһэ! — биир кэм эппэҥниибин.
— Туох баарый?
— Эһээ! Эһэ! Эһэ!
— Эһэ буоларбын билэбин. Туохха бэһирдиҥ?
— Эһэ! Эһэ!
— Бэйи, эн бу туох буоллуҥ! — оҕонньор кыыһыра бы-
һыытыйда.
— Антах!.. Антах! Эһэ!.. Эһэ баар!..
— Туох даа? Тыатааҕы дуо?
— Тыатааҕы! Тыатааҕы! — мин өй ылабын.
— Мааҕыыттан киһилии инньэ диэххин! Эчи сүргүн,
омуннуран түһэҥҥин! Ханна баарый?
— Антах! Антах! Күөлгэ...
— Күөлгэ даа! Ол аата кырдьаҕас ыырыгар эргилин-
нэҕэ... Хайа, тымтайыҥ?
— Антах...
— Антах даа? Бу да оҕо, доҕор! Бачча улахан киһи кут-
таһа тугун сүрэй?! Чэ, баран аҕалыах!
Мин үүтээҥҥэ ыстанан киирэн, саабын ылан тахсабын.
— Сааҕын хааллар!
— Антах эһэ... Тыатааҕы баар ээ!
— Хааллар диэтим! — оҕонньор кыыһыран кыҥынайа
түстэ. — Аҕа киһи тылын истибэт туох буолбут кисиги-
ний?! Итинник буоллаххына, туох аанньа киһи буола улаа-
тыаххыный?!
Тэҥнэһиэм дуо, саабын миэстэтигэр ыйаан таҕыстым.
Куттана-куттана, иннибин-кэннибин кэтэнэ-кэтэнэ,
оҕонньорбун батыстым. Күөл кытыытыгар туум туспа,
тымтайым туспа сыталлар, балыгым ыһыллан хаалбыт.
Эһэ көстүбэт.
— Ханна көрбүккүнүй?
109