Page 154 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 154
күн төрдүн утумнааччы, — диэтэ кини быһах угун кыстына
олорон.
Кырсаны дьиэбитигэр аҕаллыбыт. Айылҕатынан ааҕыс-
тахха, ыт саҕа дөбөҥнүк буоһуур харамай суох буолуох-
таах этэ эрээри, тоҕо эрэ ыппыт иһэ-үөһэ кэлэн биэрбэт.
Киһи кутун туттарар үчүгэй майгылаах барахсана диэ-
тэҕиҥ. Быһа илин-кэлин түһэн муҥнанаахтыыр. Хаарга
тиэрэ түһэн сытан, атахтарын өрүтэ тэбиэлэнэр. Эйэргээн
имэрийэри-томоруйары, үчүгэйдик аһатары сүрдээҕин
сөбүлүүр.
Ыппыт кэллэҕин нөҥүө күнүттэн, сэрэйбит курдук, атыыр
ыттар «күтүөттээһиннэрэ» саҕаламмыта. Ардыгар охсуһан
моргуһан ылаллар. Биир күүстээхтэрэ хаалан хонор. Ол
аайытын үөрсэбит. Ыппыт буоһуура чугаһаабытын кур-
дук сананабыт, син балай да кэм ааста. Кырса кур бэйэ-
тэ кубулуйбата. Ыксаан быатыттан сүөрэн, көҥүл-босхо
ыыттыбыт. Ыппыт иккилии хас хонукка сүтэн хаалар идэ-
лэннэ. Аны сүөһүнү өлөрөр буойунаҕа тиийэн, уос-тиис
салаһаары, ыт ыта өтөн харабыллартан саанан ытыллан
иэдээҥҥэ тиксиэҕэ диэн, дьаахханарбыт улаатта.
Сыл буолара чугаһаабытын кэннэ Уус Бааскаҕа тиий-
дим. Дьолго, киһим үлэтигэр баар эбит.
— Доҕоор, адьас буоһаабат ыты биэрбиккин дуу ту-
гуй? «Күтүөттэр» күргүөмүнэн кэлэн хонон-өрөөн барал-
лар да, туһалааҕы оҥорбуттара биллибэт. Ыппыт иһэ-үөһэ
адьас кэлбэт. Айаҕалыы сатаан, ыарыылаах буоллаҕа дуу
дии саныыр буолан бардым ээ, доҕоор. Аһыыр-аһыыр да
уойан-тотон кэлбэт ыт баар дии. Хайдах буолуох бэйэби-
тий, туох сүбэлиирдээххиний? Эчи кэтэһэн-кэтэһэн кэлтэ-
гэй буоллубут. Арааһа, төрөөн-ууһаан абыраамаары гын-
на быһыылаах. Төттөрү ыларыҥ дуу, хайдах... — диэтим.
— Тоҕо инньэ диэххиний. Ыт сылга биирдэ баҕас
төрүөхтээх этэ ээ. Кэмэ кэлэ илигэ буолуо. Тулуйа түс, —
Уус Бааскам эрэлин сүтэрбэттик эттэ.
Сайыҥҥы кэм тиийэн кэлбитэ.
— Доҕоор, бу сүрдээх сэргэх сирэйдээх-харахтаах ыт-
таах эбиккин ээ. Хантан хааннаах, кимтэн төрүттээх ыт
эбитэ буолла? — Сиидэр иҥэн-тоҥон ыйыталаста.
154