Page 160 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 160
***
Доҕор улаатан испитэ. Төрдүс ыйыгар үктэниитин
саҕана Болтоҥоттон Өндүрэй Ноҕуруодап киирбитэ. Ыт
туһунан кэпсэтэ кэлбит этэ. Уола Ньукулай булчут буол-
бут. Ыкка табыллыбакка эрэйи көрбүт. Үрэхтэр бастарын
өҥөйөр булчут киһиэхэ ыт олус наадатын, улуу үрэхтэр
түөлбэлэригэр хоно-өрүү сылдьар булчукка ымыылаах ыт
түбэстэҕинэ, соргулаахтык сылдьыахтааҕын эҥин туһунан
кэпсээтэ.
Өндүрэй Ноҕуруодап сахалыы майгылаах-сигилилээх
киһи буолан, аны ыты быһа этэн кэбиһэммин алдьархай
буолуоҕа дии санаата быһыылаах, бэрт ырааҕынан эр-
гитэн, ыты хайҕаата уонна туох соруктаах кэлбитин өссө
төгүл тоһоҕолоон эттэ.
— Уолум ытыҥ оҕотугар олус убанан хаалла ээ. Хай-
дах өйдөтүөх бэйэбиний? Арай ыт булан биэрдэргин...
— Чэ сөп. Буорах диэн ыттаахпын. Ол эмиэ үчүгэй ыт
буолан баран, атаҕар ыарахана бэрт. Аҕыс эрэ ыйыгар
барда. Уҥуоҕа-иҥиэҕэ халыҥа бэрт. Онон булка илдьэ
сылдьарга анала суоҕунан ааҕабыт.
— Оттон уолгар үчүгэй чинчилээх ыт буолсу диэн кыр-
дьыгынан эттэҕиҥ дии. Саха дьоно былыр-былыргыттан
маннык ыты идэтин таһаарарга кыһаллааччылар диэн өй-
дөтөн көрөрүҥ дуу. Аныгы кэлиибэр ыты аҕалыаҕым, —
Өндүрэй Ноҕуруодап өй-санаа укта.
***
Кыстык хаар түспүтэ. Булчуттар сонорго тахсар кэмнэрэ
тиийэн кэлбитэ. Ситини кэтэһэ сылдьыбыт Өндүрэй Ноҕу-
руодап ыт сиэтиилээх көтөн түспүтэ.
— Ыаллар, дорооболоруҥ. Ыппын аҕаллым. Аата Буо-
рах диэн. Сүрдээх элэккэй, ытырыыга, кырыга суох. Дэ-
риэбинэ иһигэр баҕас киһиэхэ доҕор буолар ыт, — диэтэ.
— Тоойуом, Вася, кэл эрэ манна. Бу — Өндүрэй Ноҕуруо-
дап диэн аймахпыт кэллэ, билис, — уолбун ыҥырдым.
— Дорообо! Улаатан хоройбуккун дии. Доҕоор, Вася,
кэпсэтэрдээхпин. Мин эмиэ бу эн курдук уоллаахпын. Он-
тум булчут буолла. Булчут киһи үчүгэй ыта суох хайдах
160