Page 37 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 37
Титирик дьиэлээх,
Ардьайбыт ампаардаах,
Хоодьойбут хоспохтоох,
Сиҥнэйбит сэргэлээх.
Улууһугар кулубалаабатах,
Нэһилиэгэр кинээстээбэтэх,
Дойдутугар дуоһунастамматах.
Сигилитин сэһэргиэн,
Суобаһын уурбалаан,
Майгытын бадахтаан бардахпытына:
Кэскиллээх кэпсээн кэмчи,
Салалталаах санаа татым,
Ойулгулаах толкуй омнуо.
Дорооболоһорун оннугар туоруур,
Кэпсэтиэн кэриэтэ киэр хаамар,
Сэһэргэһиэн кэриэтэ кэриэлийэр.
«Салҕаа» диэтэххэ саҥарпат,
«Иэһирт» диэтэххэ этиппэт,
«Дьоллоо» диэтэххэ дьорҕойор,
«Абыраа» диэтэххэ абарар.
«Аҕал» диэтэххэ
Антах хайыһар,
«Ыл» диэтэххэ
Ымас гынар,
«Кулу» диэтэххэ
Курус гынар,
«Мэ» диэтэххэ
Мичик гынар.
Нэлэ тэриэлкэлээх,
Ньала хамыйахтаах,
Кымаах-имээх кытыйалаах,
Лобуй-ибий чохоолоох 13,
Чохчой-икчэй солуурчахтаах,
Бордооһун богдо боччуктаах14,
Кыракый кырбастаах,
Куйакый куһуоктаах,
Албас аһатыылаах,
Көтүүн күндүлээх;
Астыммыт ыалдьыт
37