Page 50 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 50
мин, киниэхэ инньэ диэн сурук ыытан баран, эппиэтин
сарсыҥҥы күҥҥэ диэри күүтэбин. Оттон онуоха диэри
эппиэттээбэтэҕинэ, иитиллибэт, букатын бүппүт киһинэн
көрүөхтээхпин», — диэн баран, туран ботуоҥкатын ылан
суруйан барар.
«Аҕаа, — диэн киирэн барда. — Эн бандьыыт Түүлээх
Уллуҥаҕы кытта, быһыыта, кулун уоран сиэтиҥ. Эн курдук
киһи этэ. Ол иһин мин эти сиэбэтэҕим, онон эн, бэйэҥ
итэҕэллээх сылгыһыт киһи буолан бараҥҥын, колхоһу
буортулаатыҥ, социализм тутуутун атахтаатыҥ. Кылаас
өстөөхтөрүгэр туһаны биэрдиҥ. Ону эн буруйгун, кырдьык
сиэбиккин билинэн, оҥорбут ороскуоккун сүүс бырыһыан
төлүөх, өссө наһаа тэптэриэх буоллаххына, аны туох да
куһаҕаны оҥоруо суох буолан бөҕө тылгын суругунан
биэрдэххинэ, мин эйигин бырастыы гынабын, бастакы
буруйуҥ буолан, пролетарскай суукка биэрбэппин. Оттон
бэйэм буоллахпына, дьиэбэр киирэбин. Онон бу сурук
эппиэтин, сөбүлүүр буоллаххына, бу киэһэ биллэр. Маны
хантан ылаҕын да, ол оннугар уур. Ону мин бэйэм бу-
лан ылыам. Оттон сөбүлээбэт буоллаххына, эппиэттээмэ,
оччоҕо мин бэйэм билэрбинэн көрүөм. Уонна миигин
итирэн баран таһыйбыккын хайаан да иэстэһиэм, ол —
туһунан суол. Дьэ итигирдик.
Хааллым эн урукку уолуҥ Чүөчээски».
Бу курдук суруйан баран, таһыгар: «Бэрт тиэтэллээх.
Олус кистэлэҥ. Аҕабар, — диэн баран, силимнээн кэ-
бистэ. Онтон балтыгар, Сардаанаҕа, бу суругу хайдах
ылары, биэрэри, кистиири суруйда уонна: «Чэ, тоойуом,
кытаат. Ыл пионердыы эҕэрдэтэ. Мин үчүгэйдик сылдьа-
бын. Ахтыма, сотору киириэм. Маны кимиэхэ да этимэ,
биллэримэ. Чэ, рабочай-бааһынай дьыалатын иннигэр
куруук бэлэм буол!» — диэн бүтэрдэ. Маны эмиэ силим-
нээх кумааҕытынан силимнээн кэбистэ. Онтон алааһын
хоту халдьаайытын диэки сүүрдэ. Быллаары быыһынан
саһан-саһан титирик «Чүөчээскигэ» тиийдэ. Тиийэн сурук-
тарын кыбытан кэбистэ. «Чүөчээскитэ» хаалтыһа тэлиби-
рии, бэйэтэ ибигирии, иччитин кытта лабаатынан бырас-
тыылаһа хаалла...
50