Page 45 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 45

иһиттэн сүрдээх кытаанах баҕайы биир саҥа этэ турда:
«Пионер чиэһинэй буолуохтаах, пионер кылаас өстөөҕүн
кытта эйэлэһиэ суохтаах, пионер социализм дьыалаты-
гар куруук бэлэм буолуохтаах. Ону эн өйдүүр инигин», —
дэтэлээтэ. Мантан Чүөчээски кыбыстарга дылы гынна.
Олорбохтуу түһэн баран, тыллыырын эмиэ тардынан, таах
хаалларыан эмиэ санаата буолбакка, хаһыакка суруйар
санаа көтөн түстэ. «Тоҕо эрдэ маны өйдөөбөтөмүй?» диэн
сэмэлэнэ санаата да, туран эппиэтэ суох суруйбутунан
барда.

    «Кыым хаһыат редакциятыгар. — диэн барда. — Быйыл-
гы дьыл балаҕан ыйын 23 күнүгэр Түүлээх Уллуҥах уонна
Сылгыһыт Наһаар диэн дьон «Кыһыл Сулус» колхоз кулу-
нун уоран сиэтилэр. Маны бэрт түргэнник пролетарскай
суутунан дьүүллээҥ», — диэн баран, точкалаан кэбистэ.
Онтон хос ааҕан көрдө. Ааҕан баран, үрүҥэр таһаараа-
ры, кумааҕы ылан эрдэҕинэ, табаарыһа Петя уол киирэн
кэллэ. Чүөчээски, суругун кистии тутан, түбэһиэхчэ биир
кинигэ быыһыгар анньа охсон кэбистэ.

    Табаарыһа Петя — эмиэ пионер. Кини бандьыыт Түү-
лээх Уллуҥах ииппит уола. Кинилэр Чүөчээскилиин ик-
киэн биир паартаҕа олороллор. Алтынньы бастакы кү-
нүгэр үөрэниэхпит, аны сэттэ хонук хаалла диэн ааҕа
сылдьаллар. Петя улахан баҕайы, үгүс ойуулаах, кыһыл
тастаах кинигэни булан, оҕолорго көрдөрө аҕалбыт. Ону
көрөн баран, Чүөчээскилээх Сардаана уларсан хааллы-
лар, ол оннугар Петя Чүөчээскиттэн эмиэ биир кинигэ-
ни уларсан баран, киэһэлик дьиэтигэр барда. Чүөчээски
тугу көрбүтүн-истибитин чааһынан Петяҕа тугу да эппэ-
тэ. Арай: «Эт сиигит дуо?» — диэн ыйытта. Онуоха Петя:
«Бэҕэһээ киэһэ сиэтибит, эмис да эмис эт», — диэтэ.
Манан тарҕастылар.

    Эмиэ киэһэ үүннэ. Ийэ түүн эмиэ бороҥ хара күлүгүн
түөһүгэр көтөҕөн кэллэ. Көмүлүөк барахсан куолутунан
эмиэ күллэ-салла, үөрдэ-көттө. Күөс эмиэ өрүлүннэ.

    Бу киэһэ аҕалара кэлэн биэрбэтэ. Куоратчыкка сылдьан
тардыллан хаалла. Дьоно күүтэ сатаан бараннар, күөстэ-
рин хотордулар. Чүөчээски иннигэр ийэтэ эмиэ эт уурда.

                                                                                                                     45
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50