Page 44 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 44

сиэбитэ чахчы быһыылаах. Дьэ «сылгыһыт да сылгыһыт»!
    — Маннык «сылгыһыт» суох буолуох тустаах! — диэмэх-

тиир Чүөчээски.
    Ордук куһаҕана баар: маныаха ийэтэ кыттыбыта. Кини

ийэтин туох да олус үчүгэйдик, минньигэстик саныыра.
Ийэтэ кини иннигэр эрэйдэнэрин, кыһанарын, бэйэтэ со-
ру-муҥу көрө-көрө кинини харыстыырын, хатаҕалыырын
саныы-саныы, уйадыйан барар буолара. «Ийэм эрэйдээх
өлөн хаалыа буоллаҕа» диэн, эрдэттэн аһыйан ытыыр буо-
лара. Онтуката баара эмиэ албынныыр: «Тыһаҕаскыт этин
сиэҥ», — диир. Мантан Чүөчээски олус санаата түһэр. Ол
иһин, ким да суох буолтун кэннэ, ийэтин оронугар сытан
эрэ, туох да уйаара-кэйээрэ суох, хаһан да ытаабатах
ытыытын ытыы сытта. Онуоха ийэтэ киирэн:

    — Көмүһүөм, Чүөчээскиэ, хайдах буоллуҥ? Тугуҥ
ыарыйда? Тоҕо ытаатыҥ, оҕом сыыһаа? Эрдин, эрдин.
Оҕом, оҕом, хайдах буоллуҥ дээ? Ааттаһабын дээ... — дии-
дии, бэйэтэ эмиэ ытаан барда уонна, бу туох муодалаа-
таҕай диэн, туран алгыы-алгыы уокка ас кутта. Натаа эрэй-
дээх, оҕотун онон абыраары...

    Чүөчээски тугу да саҥарбата. Онтон тохтоон, уоску-
йан баран, таһырдьа таҕыста. Тахсан Түргэн диэн сүрдээх
булчут, өйдөөх, ыас хара ыттааҕын ампаар кэннигэр
ыҥыран ылла. Ылан моонньуттан кууһан олорон, туохха
түбэспитин кэпсээн биэрдэ. Уонна: «Истэҕин дуо?» — диэн
ыйытта. Онуоха ыта, санаарҕаама диэбиттии, иччитигэр
атаҕын биэрбэхтээтэ уонна хараҕынан ымас гынан баран,
салаан нэлиппичитэн киирэн барда.

    Чүөчээски бу курдук ытын кытта санаатын аралдьып-
пыта өр барбата, сотору ааһан хаалла. Инньэ гынан, эмиэ
санаатыгар түһэн киирэн барда. Онтон бэйэтиттэн бэйэтэ
кыйаханан: «Туой пионербын умнаары гынабын ээ, быһыы-
та» диэн, туран урут дьиэҕэ хаһан да бааммат хаалтыһын
ылан баанан кэбистэ. Бу курдук хойукку биирдэ ыырга
диэри муна-тэнэ сырытта. Туой үксүн: «Ийэм эрэйдээх,
аһынабын ээ, таах хаалларыахха дуу? Хайа, искэ киир-
дэххэ, кыра да суол буоллаҕа дии. Ол кэриэтин иккиһи-
гэр, үсүһүгэр» диэх курдук санаталаата. Ол икки ардыгар

   44
   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49