Page 51 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 51
Толугур ыалын кэри-куру киэһэтигэр Сардаана ынах-
тарын соҕотоҕун хомуйбута. Кини, убайа эппитинэн, аан
бастаан титирик «Чүөчээскигэ» сүүрэн тиийбитэ. Тиийэн
«Чүөчээски» «сиэбин» көрбүтэ. Онно икки сурук баара.
Онтон биирдэрин аахпыта, биирдэрин уолугун үүтүнэн
уган кээспитэ. Киэһэ, кэтэһэ сылдьан, аҕата кэлиэн аҕай
иннинэ, Чүөчээски эппит сиригэр кыбытан кээстэ.
Аҕата Наһаар, колхоз сылгыһыта, былыргыта баай Боп-
пуок сылгыһыт уола —
Сааһын тухары
Сатыы хаампатах,
Саалыыр-буулуур аттаах
Саадырын дуо? —
диэн, чабырҕахха киирбит киһи, колхоз биир бастыҥ атын
миинэн баран, оҕуруотун ааныгар тиийэн кэлэр. Бэрдин
бэрт, оҕуруот сүллүгэһигэр туох эрэ кылбайан турарын
дьэ тобулу көрдө-көрбүтүнэн түһэр. Ойон түһэн, ылан,
хайа тардан аахта. Сирэйин ханньары-мунньары тутунна
уонна толкуйдуур быһыынан бэрт аргыый хааман кэлэн,
атын сэргэтигэр баайан, дьиэҕэ киирэр. Киирэн уһаппак-
ка эрэ эппиэтин суруйан барар. Натаа киэһээ ынаҕын ыан
киллэрэн үүтүн кута сырыттаҕына, суруйан адаҥхастатан
хайыы-үйэҕэ бүтээртэ. Кини адьас кылбаччы мэлдьэһэргэ,
Чүөчээскини балыйарга санаммыта. Олус диэн сэнээбитэ.
Албынныырга толкуйдаммыта, ол иһин бу курдук диэбитэ:
«Тукаам, Чүөчээскиэ! Дьэ эн улаханнык алҕаһаабык-
кын. Киһи атылыытын эппиккин. Мин Түүлээх Уллуҥаҕы
кытта төрүт сылдьыспатаҕым. Оттон кулун этин биһиэхэ
Түүлээхтээх бэрсэн биэртэрэ, ону сиэбиппит. Дьөрү, эн
сибилигин киирэн дьэгдьиттэр, суоллат даҕаны... Биһиэхэ
туох да суох... Онон алҕаһаабыккын... Мин бэйэбинэн эмиэ
туох буолламый? Хата, онон киирэ оҕус, Түүлээх Уллуҥах
түөкүнү суукка биэрэ охсуох. Чэ, киир, ийэҥ да, балтыҥ
да бэркэ эрэйдэнэллэр. Бэйэҥ да эрэйдэнимэ», — диэ-
битэ. Суругар илии баттаабакка эрэ, утуйарыгар таһааран
оҕуруот сүллүгэһигэр мааҕын ылбыт сирин үүтүн устун
кыбытан кээстэ. Киирэн тохтуу түһэн, табахтаан эҥиннээн
51