Page 56 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 56

— Туох-туох диирий, хайа үөдэн буола сылдьарый, кү-
түр өстөөх. Күтүр өстөөх, эн иҥсэҥ туохха тиэрдэр... Оҕом
барахсаны аны көрөбүн эрэ, суох эрэ. Сиэхсит сиэбитин
тобоҕун эмиэ сиигин дуу? — дии-дии, Натаа ытаан барда.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Чүөчээски булугас өйдөөҕө ханнык түгэннэртэн көстө-
        рүй?

    2. Сылгыһыт Наһаар уолун тоҕо наһаа сэниирий, кинини
        албынныырга сананарый?

    3. «Кини... ынырык санаалары санаталыы сыппыта...»
        диэн этиини хайдах өйдүүгүт?

    4. Чүөчээски аҕатыгар уонна Сылгыһыт Наһаар уолугар
        суруктарын уус-ураннык ааҕарга бэлэмнээн, оруолла-
        рынан ааҕыҥ.

    5. Натаа уолун илдьитин аҕатыгар тоҕо кэпсээн биэрэ-
        рий?

                                            III

    (Көтүтүллүбүт быһа тардыыга Түүлээх Уллуҥах ки-
нигэ быыһыттан Чүөчээски суругун булан ылара кэпсэ-
нэр. Кинилэр сылгыһыт Наһаардыын, Чүөчээски тыл-
лыа диэн куттанан, уолларын өлөрөргө сананаллар. Ол
кэнниттэн кинилэр саалана-саалана ойуурга Чүөчээс-
кини көрдүүллэр.)

    ...Бу бириэмэҕэ Чүөчээски сайылыгар киирэн, дүлүҥ
олоппос үрдүгэр былаатын тэлгэччи уура-уура, Түргэҥҥэ
тугу эрэ бирикээстии сылдьыбыта. Онтон, ытын үгэххэ хаа-
йан кэбиһэн баран, үгэх санаатынан аһылла турар аанын
саба тарпыта уонна миинньик талаҕынан олуйан кээспитэ.
Ол олуурун быалаан, тас ааны саптахха, үгэх аанын олуу-
ра төлөрүйэр гына оҥорон баран, дьиэтин аанын тэлэйэн
кээстэ уонна тахсан тыа устун бара турбута. Кини ийэбин
көрдөрбүн диэн, ийэтэ кэлэр суолун кытыытыгар, Буом
диэн сир сиэрдийэтин аанын ойоҕоһугар ойуурга сып-
пыта. Өр күүттэрбэтэҕэ, ийэтэ, ыаҕайа тоҕонохтонон ба-

   56
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61