Page 57 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 57
ран, ытыы-ытыы, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу суол устун
кэлэн, сайылыгын диэки ааспыта. Ол ааһан истэҕинэ,
Чүөчээски, ийэтин хаһыытаары гына-гына, нэһиилэ тут-
туммута. Ийэтин кэнниттэн, сотору соҕус буолан баран,
аҕата кэлбитэ. Сүгэлээх этэ. Кэлэн сиэрдийэ ааныгар
тыас иһиллиир быһыынан тохтоон турбута, ол-бу диэки
көрбөхтөөбүтэ. Онтон аргыый: «Сүөдээр!» — диэн ыҥыр-
быта. Онуоха ойуур кэтэҕиттэн, Түүлээх Уллуҥах саа ту-
тан баран, халдьаайыны таҥнары түһэн кэлбитэ.
— Хайа, туох да биллибэт ини?
— Суох! Чэ, манан тахсан, тыанан барыах. Сайылык
хоту тыатыттан киириэ. Билигин, бука, хата тыатын саҕа-
тыгар хайыы-үйэҕэ киирэн сытара буолуо. Кэтэҕиттэн
тиийиэхпит, — дэһэ-дэһэ, Наһаар бастаан, тыанан киирэн
бара турдулар.
Чүөчээски дьэ сэрэйдэ. Ийэтин эмиэ: «Албыннаабыт,
аҕабар эппит буоллаҕа» дии санаата.
— Бандьыыттар! Бу баар! — диэн баран, сутуругун
көрдөрдө уонна, соруйан моһуоктаан, үстэ суордуу хаһыы-
таата.
Натаа эппиэтэ суох сайылыгар тиийэн көтөн түстэ,
аана аһыылааҕын да, сабыылааҕын да аахайбакка хаалла.
Чуо былааты көрдө-көрбүтүнэн киирдэ. Киирэн баахыла,
арыы, үрүмэ, саахар аҕалбытын былаакка суулаан, баа-
йан баран, хап-сабар тахсан барда. Тахсан иһэн, балаҕан
аанын саппытын бэйэтэ да билбэтэ быһыылаах. Тахсаат,
тиэтэйэ-саарайа, кэннин да хайыһан көрбөккө эрэ, дьиэ-
тин диэки бара турда. Кини тиэтэйэрэ диэн буолар этэ:
«Оҕом тыаҕа кэтэһэ сытара буолуо, мин баарым тухары
киириэ суоҕа. Онон мин түргэнник бара оҕустахпына, кэ-
лэн түргэнник ылыа, аһыа» дии саныыр этэ. Бу тухары
оҕотун түргэнник аһата охсор кыһалҕатыгар сылдьара.
Били Наһаар икки Түүлээх Уллуҥах икки ньылбыһан
кэлэн, хайыы-үйэҕэ тыа саҕатыгар кэтэһэн сыппыттара.
Натаа барарын көрөн хаалбыттара. Кинилэр туой үксүн,
кэннибититтэн кэлиэ диэн, кэннилэрин кэтиир этилэр. То-
лоону, балаҕаны да көрөллөрө гынан баран, туох да бил-
либэтэҕэ, арай илин баска биир тугу эрэ ытырбыт уччут ыт
57