Page 61 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 61

ньэ гынна да, эһэтэ хамсаабытыгар, сарылыы түһэн ба-
ран, сирэйин хоту туох баарынан сүүрдэ. Сүүрэрин кытта
тэҥҥэ аллара диэки көрүөх буолан иһэн, мастан иҥнэн
умса баран түстэ...

    «Оо дьэ, сиэтэ» дии санаахтаата Чүөчээски, хараҕын
уута субурус гына түһээхтээтэ уонна, быһыччатын сулбу
тардан ылан баран, кэннин хайыһан көрдө. Көрбүтэ —
эһэтэ икки ыта икки дьэ дуолан охсуһууну охсуһан эрэр
эбиттэр. Түргэн хайыы-үйэҕэ хааннаммыт, саҥата туох да
сүрдээх, эһэ иннин биир кэм бүөлүү түһэ сылдьар. Онуо-
ха биирдэрэ, көхсүн иһигэр кырылыы-кырылыы, икки
ытыһынан хардарыта туой сыыһа-халты дайбаан, маһы-
оту тоҕута-хайыта сынньар. Онтон эһэ, киҥэ холунна бы-
һыылаах, часкыйа түһэн баран, аттыгар биир титирик ту-
рарын логлу тардан ылан, охсон кууһуннарда. Түргэн өлөр
саҥатын саҥара түстэ уонна туора ойдо... Эһэ бэттэх диэ-
ки сиҥнэриҥнээн кэлэн истэ...

    Чүөчээски, хаһыытаабытынан тура эккирээт, эмиэ сүүр-
дэ. Эһэ кинини хамсатыа дуо, хамсаппата, оту-маһы бар-
чалаабытынан, айаҕын кытарчы аппытынан, бу нэмирийэн
кэллэ. Чүөчээски хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, эһэ-
тэ сарбайда-сарбайбытынан кини үрдүгэр түһэн истэ...
Чүөчээски умса баран түстэ... Эһэ ааһа көттө. Бу икки арды-
гар Түргэн кэлэн ааһа көтөн эрэр эһэҕэ борбуйугар түстэ.
Эһэ, соһуйдаҕа буолуо, часкыйа түһэн баран, иннин диэки
биирдэ ойдо, онтон эргиллэ түһэн, ыты охсон саайда. Түр-
гэн аһара охсон биэрдэ. Дьэ эмиэ охсуһуу бөҕө буолла.
Түргэн биир кэм иннигэр-кэннигэр буола сырытта. От-мас
эмиэ кумахтанан барда...

    Чүөчээски туран эмиэ сүүрдэ. Биир мутуктаах тиик-
кэ тиийэн хатаастыбытынан барда. Ортолуу тахсан иһэн
көрдөҕүнэ: эһэтэ эмиэ иһэр эбит.

    Кэлэн тиити өрө салаамахтаан көрдө да, Түргэн биир
кэм түһэ турар буолан, тахсыбата. Инньэ гынан, кэннин
тииккэ анньан баран олордо. Сотору-сотору туой үөһэ
хантайан, Чүөчээскини көрүөлээтэ да, көрбөт быһыылаах,
туой атын сир диэки кынчыатыыр. Бу курдук олорбохтуу
түһэн баран, эһэ тиитин кэтии-кэтии, туора хааман барда.

                                                                                                                     61
   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66