Page 58 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 58

кутуруга эрэ субурус гынан тыаҕа түһэн хаалта. Бу кэннэ
туох да биллибэтэҕэ.

    Кинилэр бу киэһэни быһа кэтэһэн чолоһон олоорторо.
Борук-сорук буолуута, көрүө суох буоланнар, үөмэн-үөмэн
киирэн, үүт оҥкучаҕын үрдүгэр сыппыттара. Түүн хараа-
рыар диэри кэтэстилэр. Бу тухары туох да биллибэтэ.

    — Кэлбэтэ, барыах, — диэн буолла. Туран балаҕаҥҥа
киирдилэр. Испиискэ уматан көрүөлээтилэр да, туох да
суох. Дүлүҥ олоппос турар, былаат эҥин биллибэт.

    — Туох баҕайытай, доҕоор! Били дьахтар уурбакка
төттөрү илпит буоллаҕа, — диэн, Натааҕа кыыһыран бар-
дылар.

    Чүөчээски, дьон ааһалларын кытта, Түргэнин кэтэһэ
сыппыта. Утаакы буолбатаҕа, Түргэн, былааттаах аһы ытыр-
бытынан, тохтоон сытырҕалыы-сытырҕалыы, өрө сүүрэн
кэлбитэ. Аһын иччитигэр туттарбыта, «хата буллум» диэххэ
айылаах, олус диэн үөрбүтэ, эккэлээбитэ.

    — Дьэ маладьыас, Түргэн да Түргэн, чаҕылҕан кур-
дук, — диэн, иччитэ хайҕаабыта, аҕыс баахылаттан түөрдүн
ытыгар биэрбитэ. Онтон ийэтигэр: «Ыһыкпын туттум, бы-
раһаай», — диэн, сурук суруйбута. Онтукатын сиэрдийэ
ааныгар суолга мас төбөтүгэр хатаан кэбиһэн баран, тыа
устун, ыраах айанныыр быһыынан, баахылатын, үрүмэтин
сии-сии, бара турбута.

    Түүн Наһаар дьиэтигэр тото кыыһырбыт киһи тиийби-
тэ. Уолун кэтэспитин ойоҕор биллэримээри, кыһамматах,
наадыйбатах курдук ыйыппыта.

    — Хайа, уолуҥ аһын илтиҥ дуо?
    — Илдьэн.
    — Ханна гынныҥ?
    — Дьиэҕэ киллэрэн, эппитин курдук, дүлүҥ олоппос
үрдүгэр уурбутум. Онтукабын баара дьиэбэр кэлиэм икки
ардыгар оҕом хайыы-үйэҕэ ылбыт. Уонна сиэрдийэ анны-
гар бу сурук бырахпыт.
    Наһаар ылан суругу ааҕан көрдө: «Ийээ! 8 баахыланы,
биир үрүмэни, биир сэлиэнэй арыыны, 4 куһуок сааха-
ры — барытын туттум. Быраһаай!» — диэн сурук буолан
таҕыста.

   58
   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63