Page 60 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 60

хаалла. Утаакы гыммата, дэлби тириппит оҕо тоҥон, уһук-
тан кэллэ.

    — Ыччуу-ычча! Ычча даа!.. Түргэн, ычча! — диэн ытын
ыҥыран ылан, быттыгар-хонноҕор илиитин ириэрдэ. Онтон
от булаайамый диэн, туран үрүйэтин сыыйда. Аҕыйахтык
хаамарын кытта, сылбах күрүө барыс гына түстэ. Иһигэр
көтөн түһэн, көрбүтэ, биир тиэйии холобурдаах от чоройон
турар эбит. Дьэ маны дьөлө хаһан киирэн, Чүөчээски Түр-
гэнниин сүрдээх үчүгэйдик утуйан хааллылар.

    Нөҥүө күнүгэр уһуктубута — күн намыһах соҕустук турар.
«Хор, сөпкө эрдэ уһуктубуппун ээ» дии саныыр Чүөчээски.

    — Чэ, мин таайым аах бу күн турар сиринэн, тус соҕуруу
буолуох тустаахтар, — диэн баран, Чүөчээски баахылатын
тобоҕун сии-сии барар. Барар, барар... Сир бараммат.
Барар-барар, син биир тыата бараммат. Толооҥҥо киирэ
охсоору, кэнникинэн эмиэ түргэтээн барар. Суох, тыата
бүппэт, хата, эбии хойдон, бөдөҥсүйэн иһэр.

    Кэлин уһугар бырда быстар, олус диэн утатар, аччык-
тыыр, олоро түһэр. Күнүн көрбүтэ, күнэ үөһэ тахсыбатах,
өссө аллара түспүт. Муодаргыы саныыр: «Бэлиэр киэһэ
буолбут бэйэтэ буолуо дуо» диэн бэркиһиир. Утаппыта
туох да сүрдээх эбит: «Уу испит киһи», — диэн, мас үрдүнэн
ыттан, ол-бу диэки көрүөлүүр. Чугаһынан уу биллибэт.

    Дьэ мантан антах Чүөчээски, уу булан иһээри, хайа да
диэки барарга кыһаммакка эрэ, биир кэм ууну көрдүүргэ
эрэ барда, хаама сатаата да ууну булбата. Онтон санаа
булан, быһыччатын сулбу тардан ылла. «Акаары», — диэн
баран, аллара куула диэки киирэн, куобах уоһун көтөҕөтүн
арыйа тарта. Тардан хаһыйбахтыырын кытта, чэй мууһун
курдук муус дьэҥкис гына түстэ. Дьэ маны көйөн, тотуор
диэри сиэн күрдүргэттэ. Түргэнигэр эмиэ бэристэ. Аһаан
бүтэн баран туран истэҕинэ, Түргэнэ үрэн тоҕо барда. Эр-
гиллэ хайыһан көрө түспүтэ, арай аллара, ойуур диэкиттэн,
куп-кугас түүлээх, кып-кылгас мэрбэйбит сирэйдээх кыыл
тахсан, сыгынахтаах тиит үрдүгэр икки атаҕын ууран ба-
ран, кини диэки көрөн, өрө үллэн сытар эбит.

    — «Тыый! Эһэ!» дии санаата Чүөчээски. Сүрэҕэ, до-
ҕуурга иҥнибит туллук курдук, быллыгырыы түстэ. Ин-

   60
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65