Page 65 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 65

кытыыга соһон таһааран кээстэ. Арай хортууһа эрэ ол
курдук уста турбута.

    Түүлээх Уллуҥах талах быыһыгар көрөн турдаҕына, уола
ытын кытта, уу бырдаҥалыы-бырдаҥалыы, сис тыа диэки
сүүрэ турбуттара...

    — Хайа, доҕоор, тахсыбыт дуу! Бу сискэ ордууланар
эбит дии... Чэ бэйэ, сарсын арай «куобахтыы» тахсыллыа
буоллаҕа, — диэн баран, Түүлээх Уллуҥах бүөмчү санаан,
аргыый үктэнэн бара турда...

    Чүөчээскилээх Түргэн, били муна сылдьыбыт систэригэр
өрө сүүрэн тахсан, уот оттон иттэргэ тэриммиттэрэ. Ньылбы
сытыйан, титирээн, силиитигэр диэри тоҥон тиийэн баран,
Чүөчээски, салҕаластыы-салҕаластыы, сиэбиттэн испиис-
кэтин сулбу тардан ылла, ылан уматан көөртө — биир да
тоһоҕо орпокко, бүтүннүү сытыйан хаалбыттар.

    — Оо, бу испиискэни ууга сытыйбат да гына оҥор-
бот буоланнар, — диэн баран, Чүөчээски турбахтыы түстэ.
Онтон эмиэ үөһэ сис диэки өрө сүүрэн тахсан, бара турда.
Сотору соҕус, туһахчытын суолугар киирэн, отууга тиий-
дэ. Тиийэн ыаҕастан испиискэ ылан, аллара атын сиргэ
киирэн, уот отунна. Таҥаһын уста биэрэн, ыган, окко-мас-
ка ыйаата, иттэ-иттэ ботуоҥката, кумааҕыта сытыйбытын
куурта. Пеналын аһан, пугаһын буулдьатын бэрэбиэркэ-
лээтэ. Биир да сытыйбатах. Пугаһын саҥа буулдьанан
иитэн кээстэ. Буулдьата сытыйбатаҕыттан сүрдээхтик
үөрдэ. Бу курдук сааһылана сырыттаҕына, Түргэнэ аргыый
ойуур диэки ньылбыҥныы турда, онтон күлүккэ киирэн
сүтэн хаалла. Чүөчээски, ыта суох буолтун билэн баран,
иттэ-иттэ, ытын кэтэс да кэтэс буолла. Ытын кэтэһэригэр
буолан, ырбаахытын эҥээрин бүтүннүү уокка сиэтэн кэ-
бистэ. Ыта биллибэтэр биллибэтэ, кэлбэтэр кэлбэтэ.

    «Тыый, бардаҕа дуу?» — диэх курдук санаата Чүөчээски
уонна эмиэ кэтэһэ-кэтэһэ иттэ турда. Ыт төрүт биллибэтэ,
мэлийдэ, Чүөчээски ыксаан, ытын ыҥыран киирэн барда.
Биирдэ-иккитэ ыҥыран эрдэҕинэ, буутун уот хаарыйда,
Чүөчээски «абытай» диэбитинэн эргиллэ түстэ. Эргиллэн
көрбүтэ, ханнык да уот суох, хата, ыта Түргэн кэлэн салыы
турар эбит.

                                                                                                                     65
   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70