Page 69 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 69
Чуумпу Толугур тулаайахсыйбыта... Халҕан тыаһа хаа-
хынаабат буолта... Икки оҕото үөрэххэ баартара. Биир-
дэрэ уҥа илиитин моонньохтоммут этэ. Ыттара Түргэн,
уруттаан баран, кутуруга хоройо турбута. Арай таптыыр
титириктэрэ «Чүөчээски», «Сардаана» эрэ турар сирдэри-
гэр туран хаалбыттара... Кинилэр иччилэрин, кэлэр кэрэ
сааскыны кэтэһэр этилэр... Кэтэһиҥ! Эдэр иччилэргит кэ-
лиэхтэрэ, кэрэ кэмҥит эргийиэҕэ...
1936 с.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. «Бандьыыт быстах үөрүүтэ», «Түргэн хорсун быһыы-
та» диэн тиэмэлэргэ уус-ураннык кэпсээҥ.
2. Булчут испиискэтэ быһылаан сайдыытыгар туох суол-
таланна?
3. Бандьыыт, түөкүн Түүлээх Уллуҥаҕы кытта күөн көр-
сүү туһунан, айымньы тылын-өһүн туһанан, сиһилии
кэпсээҥ.
4. «Арай Чүөчээски тыллаабатах буоллун...» Санааҕытын
этиҥ.
5. Оччолорго саха норуотун олоҕор бу кэпсээн туох суол-
таламмыта буолуой? Дьоҥҥутуттан ыйыталаһан би-
лиҥ. Кинилэр хайдах сыаналыыллар эбитий?
Тыыннаах тыл
1. «Бу быһылаан иннинэ... Чүөчээскилээххэ...» тиэмэҕэ
айымньы иннин ырыҥалаан суруйуҥ.
2. Арай эн убайыҥ эбэтэр доҕоруҥ ким эмэ малын уорбут
буоллун... Хайыаҥ этэй? Тойонноон суруйуҥ.
69