Page 68 - Литература 6 кылаас 2 чааhа
P. 68
— Тукаам, илиим уулла... Саалаах киһи ханна гыныа-
ҥый, илиибин түһэртэр, түһэртэр... Аһын...
— Чиэһинэй тылыҥ дуо? — диэн, Чүөчээски аһына
биэрэн ыйыппыта.
— Чиэһинэйим... Чиэһинэйим...
— Чэ, оччоҕо түһэр! — диэбитэ Чүөчээски.
Түүлээх, илиитин түһэрэн, улаханнык холкутаабыта.
Ол курдук бэрэбинэ кэрдиллэ сытарын көөртө. Ол бэрэ-
бинэ төрдүгэр, хатырык суллуур биилээх, үөл титирик
тоһоҕо туруору анньыллан турара. Түүлээх: «Итини хар-
баабыт киһи» дии санаабыта. Онтон туран, тэмтэрийбитэ
буолан баран, бии тоһоҕону харбаан ылар. Ылаат, эргил-
лэ түһэн, Чүөчээски үрдүгэр маһы күөрэппитинэн барар.
Биирдэ ыбылы охсон кээһээри, наһаа уунан, тиит мутугун
тосту охсон түһэрэр... Чүөчээски, хаһыытыы түһэн баран,
төттөрү ыстанар. Түүлээх: «Ботуруона суох эбит» дии са-
наан, эр ылан, эккирэтэн батыччахтыыр да, начаас ситэ
баттыыр, үөл тоһоҕо эмиэ күөрэс гына түһэр... Күөрэйбит
тоһоҕо түһүөн иннинэ, хантан да кээлтэ биллибэт Түргэн
баар буола оҕуста да, Түүлээх муос такымар түһэр. Киһи,
саҥа аллайбытынан, умса туруйалыыр. Үөл тоһоҕо сыыһа
дайбаан, Чүөчээски илиитин таарыйар. Илиитэ сүһүөҕүнэн
ньир гына түһэр. Ыт Түүлээхтэн арахсыбат: бууттары, сото-
лору илдьи убахтыыр, дьөлүтэ ытыра-ытыра, сиритэ тыы-
тан ылар. Утаакы буолбат — киһи сирэйинэн умса барар...
Бу буола сырыттахтарына, бии горн тыаһа улаатан,
адьас бу кэлэр. Барабаан тыаһа эмиэ ньиргийэр. Инньэ
гынарын кытта, оҕолор бу саба сырсан кэлэллэр.
Кэлэн көрдөхтөрүнэ: Түүлээх Уллуҥах, умса түһэн баран,
сытар эбит; Чүөчээски дүлүҥ үрдүгэр аҥаар илиитин имэ-
ринэ олорор. Дэлби дьүдьэйбит, таҥаһа бараммыт, атаҕа
хааннаммыт, оттон Түргэн, буруйдаах киһи быһыытынан,
иччитин аттыгар сырбаҥныы-сырбаҥныы турар эбит.
Балаҕан ыйын 23 күнүгэр түүн Түүлээх Уллуҥах Сыл-
гыһыт Наһаардыын Кустук диэн кулуну уоран сиэбиттэрэ.
Хас да хонон баран биирдэрэ сарсыарда оройуон суолу-
гар, биирдэрэ күнүс сис оройугар тутуллубуттара. Алтын-
ньы 13 күнүгэр пролетарскай суукка дьүүлгэ турбуттара.
68