Page 161 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 161
Лоокуут
Билэҕин дуо,
Мин тугу санаммыппын.
Өскөтүн эн сөбүлүүр буоллаххына,
Бүгүн аҕабын
Эн дьоҥҥор ыытабын.
Ньургуһун
Ким билэр. Тоҕо олус тиэтэйэбит?
Лоокуут
Тоҕо тиэтэйбэт буолуохпутуй?
Күһэҥэй оҕонньор миэхэ:
«Эдэр сылдьан эмэх буолар диэн эмиэ баар,
Оҕо сылдьан огдолуйан хаалар диэн эмиэ баар,
Эһиги тугу күүтэҕит, эдэрдэр?» — диэн эппитэ.
Эйигин — үбүнэн-аһынан атыылаһан,
Дьонуҥ тылын ылан
Миигин дьадаҥы эрэйдээҕи
Мээлэ хаалларыахтара.
Ньургуһун
Инньэ диэмэ, Лоокуут!
Мин эйигин эрэ…
Эйиэхэ эрэ…
Лоокуут
«Эргэ тахсыам», — диэ…
Ол аата —
Дьиэбин хаппахчылаах гына оҥорорум
Сөп буоллаҕа дии?
Ньургуһуон,
Мин куруук эйигин кытта
Сылдьыахпын баҕарабын,
Күөс быстыҥар да эйигин
Көрбөтөрбүн эрэ
Көхсүм кыарыыр, күнүм кылгыыр…
161