Page 40 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 40
дохторуна Дьөгүөссэ уола Киэсэ көтөн түспүтэ. Киирэн: «Мас
аҕаллым», — диэбитэ.
— Хайдах? Соҕотоҕун дуо? — диэн Ачаа соһуйбута.
— Соҕотоҕун буолумуна биир оҕуска.
— Но, оттон сорох оҕустарбыт?
— Суох. Ону билбэтим. Аҕам бу Ачаалаах оҕустарын ил-
дьэн биэр диэбитин аҕаллым.
— Бэй дээ! Оттон тугу эмэ илдьиттээбэтэҕэ дуо?
— Ээ, тугу эрэ эппитэ да, умнан кээспин, — диэн баран,
уол тахса турда.
— Хайа-хайа үөдэн баҕайыный? Ол Сэбиэттэр дьон маста-
ра суох буоллаҕа дии, хат барыыһыбыт дии, — диэн Ачаа көп
түгэх түһэ олоорто.
Бу манан ааста. Били кэлбит маһы, оҕо-дьахтар саба түһэн,
кыстаан бардылар, бастакы көтөхтөрүнэн үөрэ-көтө оһохторун
өрөһөлүү отуннулар. Уот умайан күллэ-салла, бачыгыраата.
Онтон мастарын ортолуу кыстаан истэхтэринэ, кыра уоллара
таһыттан айдааран киирдэ. Тугу эрэ көтөхпүт.
— Доҕоттоой, маспыт ыттаах дии! — муҥунан көрбүт, дьэт-
тэйбит, сыыҥа соһуллубут.
— Ээ, босол, сымыйалаама! — диэтэ Ачаа оронугар сытан.
— Кырдьык, кырдьык, көйүҥ даҕаны, — диэн баран, уол
хардаҕаска хаптаччы тоҥмут, айаҕын аппыт ыт оҕотун өрө уунна.
— Тыый, кырдьык даҕаны, — диэтэ бастаан ийэлэрэ. Ону
истэ сытан Ачаа хорос гына оронугар олоро түстэ уонна:
— Туох-туох дэһэллэр, күтүрдэр. Ылыҥ, аҕалыҥ эрэ ман-
на, — уол ойутан аҕала оҕуста, солуннаах киһи буолан сыыҥын
туора сотунна, онтукайа иэдэһигэр, чаһыы быатын курдук, ыйа-
нан туран баран, быһа ыстанан сиргэ түстэ. Ачаа эргим-ур-
гум тутан өр одуулаата: «Бии илиэһэй ытын оҕото дуу, ханнык
дуу!» — дии санаата уонна улаханнык:
— Аны Сэбиэппит куһаҕан дьоҥно мас оннугар ыты тиэй-
тэрэн ыытар буолбут дии. Эмиэ хайа дьоллоох санаа булан
бу ыты саһааныгар эбии гынаахтаата буолла. Бар, таһааран
күрдьүккэ бырах! — диэтэ.
Бу манан ааста. Ыттаах мас икки эрэ хонукка оттулун-
на. Үһүс хонугар сыыһы кытта ыттара эрэ хаалла. Балаҕан
тымныыта сүрдэннэ, мэктиэтигэр тыалланна. Ачаа атаҕа кэм
40