Page 15 - Саха тыла 8 кылаас
P. 15
№ Бэлиэ Холобур
1 Тус-туспа өйдөбүлү бэлиэ- Үөрэх уонна үлэ, ыраас халлаан,
тиир икки бэйэмньи тыл ыҥыыртан тутуһар, кыһамньылаах-
холбоһуга тык үөрэннэ, абаҕам быһаҕа
2 Бэлэм сылдьар халыып Тэҥҥэ холбуур ситим, баһылыыр
(модель) ситим халыыптара
3 Этиини аттарарга-таҥарга Ийэм үтүө сүбэ-ти-н истэбин.
төрүт буолар (Ийэм сүбэлиир)-и-н [истэбин].
4 Саҥа холбуу тылы үөскэ- Куолу хаата, дьоҕур-талаан, хайы-
тэргэ бэлэм халыып һар суола, уҥуохтаах отон, Тимир
быһыытынан туттуллар Баппыт (сир аата)
5 Тыл сиинтэксистии туту- Мин ийэ-м,
лун уратытын көрдөрөр мин ийэ-м маллаах иһит-э,
(баһылыыр ситим, чуолаан мин ийэ-м маллаах иһит-ин хап-
тардыы ситимэ) паҕ-а,
мин ийэ-м маллаах иһит-ин хап-
паҕ-ын ойуу-та
1. Тыл ситимин суолтата сороҕор этииттэн чуолкайданар. Хо-
лобур, тэҥнээ: Оҕом оҕото оскуолатыттан хойутаан кэллэ (Сиэ-
ним диир оннугар). — Оҕом оҕото барахсан оскуолатыттан сы-
лайан-элэйэн кэлээхтээтэ (таптаан, атаахтатан этии).
2. Тыл ситимэ хайдах этиллэриттэн араастык өйдөнүөн эмиэ
син. Холобур: Биэс оҕолоох ¦ ийэ дьиэтээҕи түбүгэ элбэх (биир
ийэ биэс оҕолоох). — Биэс ¦ оҕолоох ийэ дьиэлэригэр аргыстаһан
бардылар (биэс ийэ бары оҕолоох).
Анал бэлиэ: ¦ — тохтобул бэлиэтэ.
3. Дьэ, дьикти! Үрдүк, күөх халлаан диэн үөрэ-көтө этэбит,
оттон намыһах, хара халлаан диэбэппит; чыычаах ыллыыр диэн
сүргэбит көтөҕүллэр. Оттон чыычаах ытыыр диири истибэппит.
Тугун муодатай?!
12. Этиини тыл ситиминэн араар. Этиигэ тыл барыта талбыт тылын
кытта ситимнэһэр дуо? Тоҕо?
1. Киһи көхсүгэр көстө сылдьар кыната суох. Кини сытыы кыната —
өйүн, сүрэҕин дьулуура. 2. Быһаарыылаах түгэҥҥэ киһи үксү саныыр,
аҕыйахтык саҥарар. 3. Орто дойдуга оҥорортон ордугу, киэргэтэртэн
кэрэни билбэппин! (АА)
15