Page 16 - Саха тыла 8 кылаас
P. 16

Тыл ситимэ састаабынан судургу уонна уустук буолар. Судур-
         гу ситим икки тыллаах: түннүк уота, тардыылаах оҕус. Бу халыып
         тыл ситимэ уустугурарыгар төрүтүнэн ылыллар.

              Уустук ситим хас да тыллаах: төгүрүк сирэйдээх уол, дьиэ-
         бит түннүгүн уота. Маны судургу ситим биирдэм бэйэмньи тылы
         кытта холбоспутун курдук өйдүөххэ сөп. Холобур: төгүрүк сирэй-
         дээх  уол, дьиэбит түннүгүн  уота. Уустук ситим киһи толкуй-
         дуур дьоҕура сайдыбытын туоһулуур.

              Сороҕор уустук ситимҥэ кыра дьикти кыттыһар. Холобур, си-
         рэйдээх уол диир хайдаҕый? Сөп, табыллыбат: маҥнай барытын
         хайаан да бииргэ ылабыт (төгүрүк сирэйдээх уол).

  13. Этиигэ хас тыл ситимэ баарын эти², уустук ситими булан усту².

     1. Мин төрөөбүт норуотум култууратын, тылын-өһүн чинчийиэхпин
баҕарабын. (ИГ) 2. Күһүҥҥү күн уота … биир көһүйэлээх үүт тосхоллон
турар төгүрүк остуолугар тыгар. (К) 3. Күн киһиэхэ барытыгар биир
тэҥник тыгар. (НБ)

           14. Бэриллибит тылынан судургу ситими таҥан баран, ону уус-
                    тугурдуҥ. Холобур: кини, убай, көмпүүтэр  кини убайа +
                    убай көмпүүтэрэ  кини убайын көмпүүтэрэ.

     Чэр, ытыс, үлэһит; уон, этээс, куорат, дьиэ, киэҥ, түннүк, таас,
чаҕыл; биһиги, тыйаатыр, аатырбыт, артыыс, баай, модун, куолас, ыл-
лыыр, иэйии, ырыа, кэрэ, дорҕоон; харсар, хамсыыр, хаас, хара, уот,
харах, уур-тут, обуйук, уос, уһун, толбон, суһуох, нарын, талба, таһаа,
кэрэ, куо; дараҕар, сарын, үрдүк, уҥуох, модун, көрүҥ, хорсун, хоодуот,
уол, хаан.

         Бу ситими ким ордук уустугурдар эбитий? Мин ыалым …

              Тыл ситимэ этиигэ хайдах туттулларынан көҥүл эбэтэр сомо-
         ҕо буолуон сөп. Көҥүл ситимҥэ тыл төрүт суолтатын сүтэрбэт:
         өҥ сир, кулууп түннүгэ. Онон атын, талбыт ситимҥэ киирэн иһэр
         кыахтаах: өҥ сыл, төрөөбүт сир, саҥа кулууп, ыраас түннүк.

              Сомоҕо ситим биир лэксиэмэ буолар, соҕотох өйдөбүлү бэ-
         лиэтиир. Онон этиигэ биир чилиэн буолар. Тылга бэлэм сылдьар,
         састааба да, халыыба да уларыйбат: сир түннүгэ, ыт атаҕын тут-
16
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21