Page 19 - Саха тыла 8 кылаас
P. 19

2 §. Тэҥҥэ холбуур
уонна баһылыыр ситим

     Тыллар этии эйгэтигэр араастык сыһыаннаһаллар. Онон тыл
ситимэ икки аҥыы бөлөхтөнөр: тэҥҥэ холбуур ситим уонна ба-
һылыыр ситим.

     Тэҥҥэ холбуур ситимҥэ тыллар тэҥ оруоллаахтар. Онон
этии биир уустаах чилиэнэ буолаллар. Маннык ситимҥэ тыл-
лар интэнээссийэ, ситим тыл эбэтэр арыт үөскэтэр сыһыарыы
көмөтүнэн холбоноллор (оҥкулу көр). Холобур: Сылаас, сырдык
хос; ырыа, хоһоон иһиллэр; иһити, остуолу сотон (интэнээссийэ).
Ийэбэр көмөлөһөбүн уонна уруокпун ааҕабын (ситим тыл).

     Ийэлээх аҕам ходуһаттан кэллилэр (-аах сыһыарыы).

Тэҥҥэ холбуур ситим ньымата

            Арааһа         Бэриллиитэ                Холобур

Ситим тыл           О уонна О          эдэр уонна эмэн
(ситимниир тыл)     О буолан, икки О   эбэм, эһэм буолан
Интэнээссийэ        О, О               эдьиий, балыс
— лаах сыһыарыы     О+лаах О           убай-даах быраатым
— лыын сыһыарыы     О О+лыын           Чүөчээски Түргэни-ниин

  22. Этииттэн тэҥҥэ холбуур ситими булан, туох көмөтүнэн оҥоһуллу-
           бутун (ньыматын) ый.

     1. Ааттаах алаастарга, үтүө үрэхтэргэ саха дьадаҥытын аҕаанын
тыаһа дьарылаата… (СО) 2. Чүөчээскилээх Уйбааскы истибэттэр, сыгын-
ньаҕын отууттан мүччү ойон тахсаллар. (СО) Охоноос атын кымньыылыах
өттүнэн ыстанан кэбистэ да сыарҕаҕа олоро түстэ. (АА) 3. Оннук үрүйэни,
от үрэҕи, сүлбэни, көҥүһү аргыстаһан айаннаан, Микиитэ ийэтиниин
дойдулаан истилэр (АА) 4. Эриэн өйүө мөһөөччүгүн уонна сүгэбин ту-
тан, сарсыарда мин Халдеев Ваняҕа тахсабын. (Д) 5. Кириһээн итинтэн
үөрдэ даҕаны, дьиксиннэ даҕаны. (ДТ) 6. Дьон ситэ мустуо ыраах, онон
олоруохтааҕар Мэхээлискэ икки Уулаах иккини хардары-таары ыллатан
истиэххэ. (ЭЭ)

     Баһылыыр ситимҥэ тыллар тэҥэ суох оруоллаахтар. Манна
баһылатар тыл баһылыыр тылтан тутулуктаах: суолтатын быһаа-
ран, толорон, ситэрэн-сиһилээн биэрэр. Ону баһылыыр тыл-

                                                                                                              19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24