Page 23 - Саха тыла 9 кылаас
P. 23
43. Холбуу этии ситимэ уларыйдаҕына суолтата хайдах улары-
йарын кэтээн көрүҥ. Тоҕотун тобуларга дьулуһуҥ.
Өрүс турда сырыы тохтоото.
Өрүс туран
Өрүс турбутугар
Өрүс тураатын кытта
Өрүс турда, онон
6 §. Тэҥҥэ холбоммут уонна
баһылатыылаах холбуу этии
Холбуу этии оҥорорго син биир этии чилиэннэрин ситимниир
баһылатыылаах уонна тэҥҥэ холбуур ньымалары тутталлар. Онно
олоҕуран тэҥҥэ холбоммут холбуу этии уонна баһылатыылаах
холбуу этии диэн араараллар.
Интэнээссийэ эбэтэр тэҥҥэ холбуур ситим көмөтүнэн тэҥҥэ
холбоммут холбуу этии үөскүүр.
Баһылатыылаах ситимнэринэн: сөпсөһүү, салайыы, сыстыы,
тардыы — баһылатыылаах холбуу этии үөскүүр.
44. Этии тутаах чилиэнин булан, судургу уонна холбуу этиини ыйыҥ.
1. Эн куоласкар ытабыл-соҥобул, ыар санаа муусукатын истибэ-
тэхпит, эргиллибэт сырыыга, букатыннаах өлүү суолугар атаарар ийэ
уулаах хараҕын эн ньуургар көрбөтөхпүт. 2. Улуу Өлүөнэ эбэбит сы-
лаас паарынан сыллаан ылбыта, уран чопчу долгун уостарынан уураан
хаалбыта. 3. Биһиги өстөөҕү кыайыахпыт, дьоллоох күҥҥэ тиийиэхпит.
4. Күөрэйдэ күүппүт күммүт, кэллэ кэтэспит кэммит.5. Эрэйдээх кэмнэ-
ри аастыбыт, охсуһуу хонуутугар хаан ахта (тохтоото), иэдэстэригэр ха-
рах уута куурда. 6. Санаа ыраас халлаан курдук саймаарыйда, сүрэх
сааскы сөрүүн сүүрүгүнэн ырааһырда. Үөрүү өрө көтөҕөр, дьол кына-
та иэдэһи таарыйар, кырдьаҕас эдэригэр түһэр, сэрии инбэлиитэ та-
йаҕын быраҕан баран сүүрүөн-көтүөн баҕарар, күлүөн-салыан баҕарар.
7. Киэҥ Өлүөнэ кэтит түөһэ эппэҥнээн, долгун суһуохтара ыһыллан, үс
төгүл өҕүрүйэн өрө тыыннаҕа үһү!
(Тимофей Сметанин)
23