Page 27 - Саха тыла 9 кылаас
P. 27
47. Холбуу этии чаастарын булан, орун атастаһыннаран көрүҥ. Тэҥҥэ
холбуу этии ханнык арааһа буоларын этиҥ.
I. 1. Буор муостаны кичэллээхтик харбаабыттар, бэл көмүлүөк оһох
саҥардыыҥҥыта сыбаммыт. (ИГ) 2. Мин уруккуттан билэбин: ити эмээх-
син оҕотун сураһар. (Далан) 3. Уол оҕо дьоллоох, соноҕос ат соргулаах.
(Өс хоһооно) 4. Соҕуруу дойду сүгэтин олуга бу дойдуга кэлэр, бу дойду
сүгэтин олуга соҕуруу дойдуга барар үһү. (Сурук) 5. Саҥа кэми хайгыы-
бын гынан баран, атааннаһыыта, утарсыыта күүһүрүөҕэ. (О) 6. Алгыс
баһа арылыннын, айхал-талба туругурдун! (ТБ)
II. 1. Дьон бары солото суох, бары күһүҥҥү быйаҥы эрэнэллэр:
от хото оттонно, бурдук буста. 2. Үлэбэр хайҕанарым, дириэктэрим,
атын учууталлар миэхэ эйэҕэстэрэ, истиҥнэрэ… 3. Ким эрэ куобах ис-
тээх суорҕанынан үллүйбүт — суорҕан иһэ ичигэһэ бэрт! 4. Күүттүм:
ким эмэ итиниэхэ утарыа, ама, миигин билбэттэр үһү дуо? 5. Оргуу-
йуҥ эрэ, киһигит истээрэй? 6. Өссө эдэр, дьон тыла — киниэхэ үөрэх…
7. Сорох үлэлиир, иҥиир тараһа буолар, оттон кини кустаан көччүйэр.
(Николай Габышев)
СҮБЭ
Äüîí òûëà «ûàðûûëààõ» äà, «ýìòýýõ» äà áóîëàðûí өéäүүðãý êûһàíûҥ.
Îíó áèëëèèëýýõ ñóðóéàà÷÷û Íèêîëàé Ãàáûøåâ «Äüèҥíýýõ ó÷óóòàë» äèýí
òýòòèê êýïñýýíèí ñèһèëèè ààõòàõõûòûíà áèëèýõõèò, èòýҕýéèýõõèò. Èíòýðèý-
һèðãèýõõý: èòè ýäýð ó÷óóòàë êýëèí õàéäàõ үëýëýýáèòý áóîëóîé?
54. 1. Суолтатын быһаарыҥ, синиэньимнэ булуҥ: сураһар, үл-
лүйбүт, көччүйэр.
2. Иҥиир тараһа буолар диэн тугуй? Суолтата, синьиэнимэ?
55. Этиини салҕааҥ. 1) тэҥ оруоллаах тэҥҥэ холбуу этиини оҥо-
руҥ; 2) итини тэҥэ суох оруоллаах тэҥҥэ холбуу этиигэ кө-
һөрүҥ-кубулутуҥ.
Холобур: Ол киэһэттэн ыла үс сыл ааспыт. (К) Ол киэһэттэн ыла
үс сыл ааспыт, Марбалаах Байбал кыстык угун саҕа, саах балаҕанна-
рын тибии тибэр. Ол киэһэттэн ыла үс сыл ааспыт: ити кэм кинилэр
кыһалҕалаах олохторун чэпчэппэтэх, эбии ыараппыт.
27