Page 26 - Саха тыла 9 кылаас
P. 26
· Чаастара судургу этии курдук бэйэмньи тутуллаах: араарар
буоллар, судургу этиигэ кубулуйар сөп халыыптаах. Итинэн
баһылатыылаах холбуу этииттэн чуолкайдык уратыланар.
· Чаастара мэлдьи араарар интэнээссийэлээх.
· Чаастарын икки ардыгар сурук бэлиэтэ хайаан да турар.
Тэҥҥэ холбуу этии икки араастаах. Ити тэҥҥэ холбуу этии
чаастара хайдах сыһыаннаһалларынан быһаарыллар:
1) тэҥ оруоллаах тэҥҥэ холбуу этии;
2) тэҥэ суох оруоллаах тэҥҥэ холбуу этии.
Холобур:
1. Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах. (Өс
хоһооно)
2. Биэрэр илии билэр — ылар илии билбэт. (Өс хоһооно)
Манна этии чаастара тэҥ оруоллаахтар, хайалара да быһаар-
бат, толорбот, ситэрбэт. Онон балар тэҥ оруоллаах тэҥҥэ хол-
буу этии буолаллар. Маннык этии, чаастара орун атастастаҕына
даҕаны, ис хоһооно, сүнньүнэн, уларыйбат.
3. Өйдөөн көрбүтүм, били бокуонньук, Былатыан оҕонньор,
эбэтин кытыытыгар кэлэн турар эбиппин. (НН)
4. Бу харыйаларга тииҥ уйата көстүбэт, бэйэтэ даҕаны бил-
либэт… (ВП)
Бу икки этии чаастарын суолтата бэйэ-бэйэтиттэн тутулук-
таах, ситэрсэн, толорсон биэрэллэр. Бу — тэҥэ суох оруоллаах
тэҥҥэ холбуу этиилэр. Маннык этии чаастара оннуларын атас-
таһар кыахтара суох: этии ис хоһооно ситэ, сөпкө өйдөммөт буо-
лар, устунан этии үрэллэр-алдьанар.
СҮБЭ
Îðóí àòàñòàһûû óîííà àòàñòàһûìûû òýҥҥý õîëáóó ýòèè àðààһûí ÷óîë-
êàéäûûð äüèҥ êûòààíàõ êýðèҥ áóîëáàòàõ. Õàëáàðõàé ñîҕóñ. Îíó ó÷óîòòóóð
íààäàëààõ. Õîëîáóð, òýҥíýýҥ: Òóêààì, áóëêà àҥààðäàñ áýéýҥ áýðêèíýí
ûðààïïàêêûí, ñàòàáûë ýìèý òóһàëàà÷÷û. (ÈÁ) Òóêààì, ñàòàáûë ýìèý òó-
һàëàà÷÷û, áóëêà àҥààðäàñ áýéýҥ áýðêèíýí ûðààïïàêêûí. Èêêèñ áàðûéààí
äà ñèí õîï êóðäóê: ýòèè ñóîëòàòà áèëëý ìөëòөөáөò.
26