Page 81 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 81
«Топ», «топ» тоҥсуйа-тоҥсуйа,
Сүһүөхтээх бэйэтэ сүгүрүйэн,
Хоолдьуктаах бэйэтэ хоҥкуйан,
Аҥаар атаҕынан сөһүргэстээн,
Биир илиитинэн
Сыҥаах баттанан,
Иккис илиитинэн
Үөрбэ хаан үҥүүтүн
Өрө дапсылыйа тутан олорон,
Өрөөбүт уоһун өһүллэ,
Хоммут уоһун хоҥнордо,
Алтан чуораан
Айаҕын аһан,
Көмүс хобо
Күөмэйин көҥкөтөн,
Кэрдиис көмүс хабарҕатыттан
Кэрэтитэ кэҕэһэлээн,
Сыыйыы көмүс
Тииһин быыһынан
Лыҥкыначчы саҥаран,
Ыллыы-туойа,
Ааттаһа-көрдөһө,
Алҕана-силэнэ турбут
Өрөгөйдөөх өһүн хоһооно
Маннык буолла:
— Дьэ! Дьэ! Дьэ эрэ!
Субу аан дойду
Иччитэ буолан ньидьирээбит,
Аҕырыалаах дьилбэктээх,
Боҕуускалаах түһэхтээх,
Күрэҥ маҥан баттахтаах,
Кө±үөр курдук эмиийдээх,
Арыы саһыл иэдэстээх,
Аҕыныахтаах ытыстаах
Аан ийэ дойдум иччитэ
Аан Алахчын хотун эбэкэм!
Киэҥ таһааҕар
Кичимэлээн ииппит,
81