Page 112 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 112

ымайыа дуо!). Лөгөнтөй отууга төннөн тахсан, отчуттарын кытта
чэйдэһэн баран бүтэн эрдэҕинэ, Уйбаан бу тиийэн кэлбитэ.

     — Хайа, доҕоор, бу төһөҕө хоҥнубуккунуй? — Лөгөнтөй
улаханнык сөхпүт быһыынан ыйытар.

     Уйбаан мух-мах барар, сирэйэ дьэс кытарар, туох да диэҕин
булбат. Кини Лөгөнтөйү манна кэллэҕэ буолуо дии санаабатах.
Маны билбитэ буоллар, бу курдук сыба киирэн биэрэр этээ.

     — Хайа, нойоон, ыйытабын дии?
     — Ээ, итиннэ тута... төннүбүтүм.
     Лөгөнтөй дойдутугар тахсан Сүөкүлэттэн:
     — Уйбаан мантан төһөҕө барбытай? — диэн ыйытар.
     — Сарсыарда күн тахса илигинэ, — хоруйдаабыта Сүөкүлэ.
     Ити күһүн Уйбааннаах Аммаҕа киирэн кыстаабыттара. Ман-
на Амма олохтоох ыаллара биир сиргэ мустан кыстыыллара.
Кинилэр дьиэлэрин таһыгар күүстээх дьон холонон көрөр таас-
тара баара. Ол тааһы дьон быһа холуйан сүүрбэ биэс буут
буолуо дииллэрэ. Арай биирдэ, күһүн сыарҕа хаара түспүтүн
кэннэ, ол таастара сыппыт оннуттан отучча хаамыылаах сиргэ
баар күрүө аанын икки хос баҕанатын төрдүгэр баар буолан
хаалбыт. Көрбүт дьон сөҕүү бөҕөнү сөҕөн, суоллаан барбыт-
тар. Онтукалара аҥаар этэрбэһин уллуҥа чүөччэр курдук абы-
рахтаах, иккис уллуҥа салҕааһыннаах киһи дьиэттэн тахсан,
тааска чуо кэлбит. Уонна ханна да сыспакка-соспокко, тэп-
бааччы көтөҕөн ылбыт, син ыарырҕаппыт көрүҥнээхтик хаа-
ман баадьаҥнаан тиийэн, биир сиргэ тоһоҕолуу тэбинэн туран,
баҕана төрдүгэр уурбут уонна арҕаа диэки бара турбут.
     — Бэҕэһээ киэһэ ким сылдьыбытай? — диэн буолбут.
     — Таатта уола Уйбаан сылдьан куобах этэ сиэһэн барбыта.
     Билиэн-көрүөн баҕалаахтар былыр да ханна барыахтарай?!
Аҕыйах хонон баран, Уйбаан куурда уурбут этэрбэстэрин ул-
луҥнарын көрбүттэр. Онтукалара, кырдьык, этэрбэс биир ул-
луҥа чүөччэрдии абырахтаах, иккиһэ салҕааһыннаах уллуҥ
эбит. Онтон ыла Уйбаан быһыйын уонна күүһүн туохха да
көрдөрбөтөх. Кинини Баабый Уйбаан диэн ааттыыр буолбут-
тар. Уйбаан дьахтара Сүөкүлэ даҕаны — киниэхэ дьүөрэ, эмиэ
биир туспа лиһигирэс-лаһыгырас күүстээх-уохтаах дьахтар. От-
тон кинилэр баар эрэ соҕотох оҕолоро Махсыын — уон аҕыһын
туолбут, күнүгэр сылдьар киһи. Үлэһит бэрдэ. Уйбаныап бы-

 112
   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117