Page 118 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 118
Өлөрбөхтүү түһүө. Оччоҕо ол тириилэр, миэхэҕэ киириминэ,
ханна барыахтарай. Оччотугар ороскуот-ночоот кыччаан, бөрө
тириитэ саҕынньахха кубулуйан хаалар буолбат дуо? Дьиҥэ,
быйылгы чычырбас дьылга Баабыйдар баар буоланнар итиччэ
сүөһүнү, убаһаны иитэн сыл таһааран эрдэҕэ. Итиччэ сүөһү
иитиитигэр хоронуу диэн букатын суоҕун кэриэтэ. Итинник
көнө, кэнэн дьону араарбакка тутан сылдьыбыт киһи бэрт
буолуох этэ. Бөрөлөр дуо?.. Хата бэрт тоҕоос таҕыстаҕа...
Кинилэринэн куоһурданан, тумулуктанан Баабыйдар курдук
дьону үйэм тухары хамначчыт оҥостуохха сөп. Баҕар оҕо-
то, Баһылайа, ити Махсыын уолу үйэтин тухары хамначчыт
оҥостуо. Оннук ээ... «Табыллабын буолбат дуо?! Ол олохпут
хайдах-хайдах эргийэн-урбайан тахсар? Арааһа, бэстилиэнэй
тыһыынчалара туолан эрэр. Маа бэйэлээх күн судаарбытын,
ыраахтааҕыбытын, көмүс торуонуттан устубуттар. Бар дьон
өйө-санаата тимир ытыгынан үнтү ытыллан ыдьырыччы иирэн
эрэллэр быһыылаах. Бэл, баайдар, үтүөлэр ыччаттара, оҕоло-
ро эмиэ, күн судаар мэтириэтин сиргэ быраҕа-быраҕа, сибэ-
тиэй мөссүөнүн тиҥилэхтээбиттэр үһү ээ...»
118