Page 120 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 120

ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

         Нэһилиэккэ олорор эбэтэр урут олоро сылдьыбыт күүстээх,
    быһый, сымса дьон туһунан ахтыыта хомуйан, араадьыйанан
    эбэтэр тэлэбиисэринэн биэриитэ бэлэмнээҥ.

         Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

         2014 сыллаахха Реас Кулаковскай төрөөбүтэ 100 сааһыгар
    анаан «Бойуот» диэн кинигэтэ тахсыбыта. Онно суруйааччы
    араас кэмҥэ суруйбут айымньылара киирбиттэр. Кинилэр аап-
    тар төрөөбүт тылын баһылаабыт уран тыл ууһа буоларын, тө-
    рөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин, айылҕатын муҥура суох тап-
    тыырын туоһулууллар.

Ааҕыы, сэһэргэһии

      ВАСИЛИЙ СЕРГЕЕВИЧ СОЛОВЬ¨В — БОЛОТ БООТУР
                       Саха норуодунай суруйааччыта
                                      (1915—1993)

                                            В.С. Соловьёв — Болот Боотур Чу-
                                       рапчы улууһун Хатылы нэһилиэгэр тө-
                                       рөөбүтэ. Кыра сааһыгар кыһалҕалаах
                                       олохтоох буолан, Баһылай уол оскуо-
                                       лаҕа уон биирин ааһан баран киир-
                                       битэ. Ааҕар-суруйар буолаат, тута бэ-
                                       йэтэ ону-маны айан, оскуола истиэ-
                                       нэтин хаһыатыгар, илиинэн суруллар
                                       сурунаалга айымньылара бэчээттэнэр
                                       буолтара. Уон сэттэ сааһыгар аны
                                       «Кыым» хаһыакка бэчээттэнэн өрөс-
                                       пүүбүлүкэҕэ биллибитэ.
     Олус көхтөөх майгылаах буолан, оскуола саҕаттан улахан
дьону үөрэхтээһиҥҥэ, ыһыы, хомуур кэмигэр үлэҕэ, саҥа ар-

 120
   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125